cart-icon Товаров: 0 Сумма: 0 руб.
г. Нижний Тагил
ул. Карла Маркса, 44
8 (902) 500-55-04

Саамай хоту тереебут народнай суруйааччы – СУРУЙААЧЧЫЛАР УОННА ПОЭТТАР: Саха народнай суруйааччылара

СУРУЙААЧЧЫЛАР УОННА ПОЭТТАР: Саха народнай суруйааччылара

САХА НАРОДНАЙ 

СУРУЙААЧЧЫЛАРА УОННА ПОЭТТАРА.

Серафим Романович Кулачиков —

Эллэй.

(1904-1976)

1929с. хоһооннорун «Күөгэйэр күннэрбэр» диэн бастакы хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. 30-с сыллардаахха поэт айымньытын сүрүн тематагражданскай сэрии. «Саа уоһугар», «Үс сытыык үөһүгэр» хоһоонноро уонна аатырбыт «Буурҕа-буулдьа дьылыгар» поэмата саха советскай литературатын классиката буолбуттара. 30-40-с сыллар усталарыгар:»Саҥа ырыалар» диэн киэҥник биһирэммит хоһоонноро (1932), «Даешь социализм» (1939), «Айан уоттара» (1941).

Эллэй хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтигэр ураты миэстэни остуоруйаҕа олоҕуран суруллубут «Чурумчуку» (1937) поэма ылар. Сэрии кэнниттэн «Саха дьоло» (1947) уонна «Прометей» (1949) историческай поэмаларга Эллэй сүҥкэн эпическэй уонна лирическэй хабааннаах поэт буоларын көрдөрбүтэ. 1950-70-с сыллардаахха Эллэй айар үлэтэ аан дойду, үлэ, эйэ уонна норуоттар доҕордоһуулара, олох түгэннэрин филосовскай ырытыы, норуот историятын темаларыгар анаммыта. 

Поэт хоһоон ритмикатын маастара, саха поэзиятыгарсаҥа элбэх литературнай приемнары уонна рифмалары киилэрбитэ, лирическэй герой быһыытынан араас майгылаах уонна дьылҕалаах персонажтары көрдөрбүтэ.

Николай Егорович Мординов — 

Амма Аччыгыйа.
(1906-1994)

Бастакы «Ийэ» диэн хоһооно 1927 с. Хотугу Сулус сурунаалга бэчээттэммитэ. Саха литературатын көмүс фондугар киирбит «Быһах угун кыстыммат» кэпсээннэрин хомуурунньуга 1934с. ааҕааччылар дьүүллэригэр тахсыбыта. 1936с. «10 сыл» диэн хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньугун, 1937с. «Атаҕастабыл» сэһэнин бэчээттэтэн бөдөҥ поэт, драматург, прозаик быһыытынан бэйэтин биллэрбитэ.

Амма Аччыгыйа саамай бөдөҥ, айар үлэтин чыпчаалынан буолбут «Сааскы кэм» диэн айымньытынан саха литературатын олох саҥа, үрдүкү кэрдиискэ таһаарары ситиспитэ. Нууччалыы, украинскай, чешскэй, венгерскэй уонна а атын тылларга тылбаастанан ааҕааччылар киэҥ араҥаларыгар тиийбитэ. 

Амма Аччыгыйа «Суруйааччы уонна айымньы» литературнай-критическэй ыстатйалар хомуурунньуктарын автора, ону тэҥэ оҕолорго анаан элбэх айымньылары бэчээттэппитэ.

Улахан талааннаах тылбаасчыт. М.Лермонтов «Герой нашего времени», Л.Толстой «Анна Каренина», «Воскресение», В.Шиллер «Коварство и любовь», М.Шолохов «Наука ненависти», «Тихий Дон» курдук роман тылбааһын иһин суруйааччы П.А.Ойуунускай аатынан премияны ылар чиэстэммитэ.

Владимир Михайлович Новиков —

Күннүк Уурастыырап.
(1907 — 1990)

Айар үлэтэ 1925с. саҕаламмыта. «Уһуктубут кыраайга» диэн 20-с сыллардаахха суруйбут хоһооннорун хомуурунньуга 1932с. бэчээттэммитэ, ол хоһооннортон элбэх маассабай ырыа айыллыбыта. «Коммунист Сэмэн» диэн поэзиятын бөдөҥ айымньыта биһирэммитэ. Поэт олоҥхону уонна тойугу үрдүк таһымнаахтык толороро, «Тойон Дьаҕарыма Бухатыыр» олоҥхо автора. Сэрии саҕана үрдүк күүрүүлээх патриотическай хоһооннорун хомуурунньугар киирбит «Хотугу кустук» диэн Советскай Сооюз Геройа Федор Попов хорсун быһыытыгар анаммыт поэмата улахан билиниини ылбыта. 1951с. «Ымыы уонна Налбыһах» диэн колхозтааһын саҕана саха дэриэбинэтин олоҕун көрдөрөр улахан эпическэй поэманы ааҕааччы дьүүлүгэр таһаарбыта. 

Күннүк Уурастыырап — талааннаах тылбаасчыт. Кини А.С.Пушкин, Т.Г.Шевченко, Джамбул Джабаев, Микола Бажан уонна да атын поэттар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. 

Дмитрий Кононович Сивцев —

Суорун Омоллоон.
(1906 — 2005)

Саха литературатыгар кылгас кэпсээннэр маастардарынан киирбитэ. Бастакы айымньытын «Өлүөнэ өрүс   кэпсээни 1926с. «Чолбон» сурунаалга бэчээттэппитэ. «Сордоох суха», «Аанчык», «Бэйэтэ эмтиэкэ» курдук биһирэммит кэпсээннэрдээх.

Саха сиригэр драматургия уонна театр сайдыытыгар үлэтэ уонна айымньылара сүҥкэн суолталаахтар. Суруйбут айымньылара: «Күкүр Уус» (1934), «Айаал» трагедия (1941), «Сайсары» (1942), «Ийэ дойду иһин» (1950), «Сардаана  уонна Саасчаана» (1984) уо.д.а. 1970с. «Күн тахсыан иннинэ» драматын иһин П.А.Ойуунускай аатынан государственнай премияны ылбыта. «Айхал» театрализованнай концерт сценарийа (1942), «Улуу коммунист поратиятыгар» саха бастакы кантатата (1945), «Алаас сибэккитэ» бастакы национальнай опера либреттота, «Ыһыах» («Северная весенняя») теартализованнай оратория (1958), Лоокуут уонна Ньургуһун» (1959), «Кыһыл Ойуун» (1963), «Умуллубат уот» (И.Эртюковы кытта, 1966), «Хотойдор хоту көтөллөр» (1960), «Дьол тааһа» (1960-63), «Күн Куо» (1970), «Абакаяда» (1982) балеттар либреттолара.

Иван Михайлович Гоголев —

Кындыл.
(1930 — 1998)

Саха литератратыгар 1952 с. киирбитэ. Бастакы «Угуйар уоттар» поэтическай хомуурунньуга ити сылга тахсан сэҥээриини ылбыта., кэлин утуу-субуу «В далекий путь», «Кынаттар», «Хаарчаана», «Өлүөнэ хоптолоро», «Бастакы кыым», «Түөрт саҕах» кинигэлэрэ тахсыбыттара. Киин издательстволарга нуучча тылынан бэчээттэммит «Ягель в инее», «Письмена на бивне мамонта», «Ищу волшебный подснежник», «Серебряное стремя» уонна да атын хоһооннор уонна поэмалар хомуурунньуктара саха поэзиятын үрдүк таһымҥа көрдөрбүттэрэ. Поэт хоһооннорун дойду биллиилээх тылбаасчыттара Вл.Павлинов, О.Шестинскэй, В.Казанцев, Н.Старшинов уо.д.а. нуучча тылынан саҥардан ааҕааччылар киэҥ араҥаларын билсиһиннэрбиттэрэ.

Поэт сүүстэн тахса хоһоонноро ырыа буолан эйээрбитттэрэ. 

Талааннаах прозаик быһыытынан «Хара кыталык», «Иэйиэхсити кэлэтии» романнара, «Олорор мутуккун кэрдимэ», «үһүс харах» сэһэннэрэ саха прозатын бэлиэ айымньылара буолбуттара. Драматург быһыытынан «Наара Суох», «Иннэ үүтүнэн» о.д.а. пьесалары, «Цветок Севера» саха бастакы опереттатын либреттотын, «Долина стерхов» музыкальнай остуоруйа-пьесаны суруйбута.

Семен Петрович Данилов.
(1917 — 1978)

1937с. айымньыларын бэчээттэтэн барбыта. Поэт-лирик бэртээхэй хоһоонноро норуокка ырыа буолан көппүттэрэ. 

Литератор быһыытынан диапазона олус киэҥ этэ: хаһыат публицистическай хоһооно уонна маасабай ырыа, фельетон уонна көрдөөх-күлүүлээх хоһоон, оҕолорго анаммыт хоһооннор, кэпсээннэр, литературнай-критическэй ыстатыйалар, норуот айымньытын поэтическай обработка, поэмалар.

А.пушкин, М.Лермонтов, А.Мицкевич, Т.Шевченко, И.крылов, М.Горькай, А.Гайдар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Семен Данилов аата дойду уус-уран тыллаах маастардарын кытта биир кэккэҕэ турар.



Софрон Петрович Данилов.

(1922 — 1993)

1934с. уон икки саастааҕар «Кыым » хаһыакка бастакы суруйуутун бэчээттэппитэ. 1938с. «Бэлэм буол» хаһыакка «Мууска» диэн хоһооно бэчээттэммитэ, сотору соҕус буолан баран илиинэн суруллар студеннар сурунаалларыгар суруйааччы бастакы кэпсээнэ тахсыбыта. 

Айар үлэтэ саха литературатын киэҥ туттуута. Үгүс хоһоонноро ырыа буолан көппүтэрэ, «Сүрэх тэбэрин тухары», «Кыыс Амма», «Дьэҥкир туһунан номох» романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара, «Манчаары», «Дьоҥҥо үөрүүнү аҕалан», «Уот», «Бааһына» сэһэннэрэ араас кэмҥэ тахсан ааҕааччы болҕомтотун тардыбыттара. 

«Сахалар ааттарыттан» драмата С.А.Григорьев туруоруутунан 1959с. драматургияҕа республикатааҕы конкурска иккис премияны ылбыта.

Ефимов Моисей Дмитриевич
(1927)

Талааннаах оҕо оскуолаҕа киирээт, эркин хаһыатыгар хоһооннорун таһааттаран барбыта. 1957с. ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнинэн ылыллар. Ити сылтан ыла айар үлэ эйгэтигэр кимиилээхтик киирэр.

45 кинигэтэ сахалыы, нууччалыы, казахтыы, тувалыы тылларынан тахсыбыттара, ону таһынан 5 кинигэни тылбаастаан бэчээттэттэ. Поэт Сергей Есенин эппитинии «Мин олоҕум кэпсээнэ — мин хоһооннорум» диэн киэҥ тутта этэр. кини бастакы хоһооннорун хомуурунньуга 1954 с. тахсыбыт «Киирбэт күннээх дойдуга» диэн, бүтэһик улахан айымньыта — «Хотой үҥкүүтэ» 1993 с. тахсыбыта.

Ермолаев Рафаэль Дмитриевич —

Баҕатаайыскай

(1931)

1951 с. бэчээттэнэр. «Кытыан кымньыы» диэн үгэлэрин, хоһооннорун бастакы кинигэтэ 1957 с. бэчээттэммитэ. Сатирик-поэт быһыытынан киэҥник биллибитэ. «Уолаттар уонна кийииттэр» хоһоонунан романа туспа кинигэнэн тахсыбыта. «Бэйэҥ сулускун булуоҥ» роман, «Мөһүүрэлээх бөтүүктэр» диэн сэһэннэрэ ааҕааччы болҕомтотун таппыттара. 

Норуот таптаан ыллыыр ырыаларын тылын  суруйбут лирическэй, гражданскай поэт быһыытынан эмиэ биллэр. 

Кэлин сылларга саха чулуу дьонноругар анаабыт поэмаларын бэчээттэттэ. Ахтыылары суруйда.

Николай Гаврильевич Золотарев —

Николай Якутскай.
(1908 — 1996)

Аан бастаан украинскай уонна молдавскай хаһыаттарга «Тирасполь-город, основанный Сувровым», «Под новый год» уонна да атын документальнай очеркалара бэчээттэнэн тахсаллар. «Особняк Любы Одесской» диэн очеркатын анныгар аан бастаан Николай Якутскай диэн псевдонимынан илии баттаабыта. 

1947с. суруйааччы бастакы бөдөҥ айымньыта — «Төлкө» роман бастакы чааһа бэчээттэммитэ. 1948с»тахсыбыт «Көмүстээх үрүйэ» сэһэнэ биир бастыҥ айымньыта буолбута. Суруйааччы олоҕун кэнники кэрдиис кэмигэр айылыбыт «Илин уонна Арҕаа» автобиографическай роман, «Адаҕа» уонна «Сүтүк» романнара эмиэ биһирэбили ылбыттара. 

Кырачаан ааҕааччыларга анаан «Дьүкээбил уоттара», «Хотой доҕоро» курдук бэртээхэй айымньылары суруйан хаалларбыта. 

Кривошапкин Андрей Васильевич

(1941)

1962 с. бэчээттэнэр. Бастакы кинигэтэ «Опо» эбээн тылынан 1969с. тахсыбыта. «Оҕо сааһым табалара», «Уйамкане идут на Север» сэһэннэрэ,  «Дьылҕам кытыла» (1988), «Көмүс таба» (1990) романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара.


Николай Анатольевич Лугинов
(1948)
1974 с. бэчээттэнэр. Бастакы кинигэтэ «Кэпсээннэр» 1976 с. тахсыбыта. Элбэх сэһэн, роман кинигэлэрин ааптара. Театрга ситиһиилээхтик туруоруллубут пьесалардаах. Кини кинигэлэрэ нууччалыы, сорох Европа тылларыгар тылбаастаммыттара. Аан дойдутааҕы «Алжир – культуралар быһа охсуһууларыгар», Казахстан «Алаш», Россия «Улахан литературнай» бириэмийэлэрин лауреата, СР искусствотын үтүөлээх деятелэ.

Кини прозатын улахан ситиһиитинэн «Таас Тумус» сэһэннэрэ уонна үс кинигэлээх «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» романа буолар. Бу романынан «Чингисхан кистэлэҥэ» уус-уран киинэ уһулунна. Суруйааччы быһыытынан айымньылара философскай хабааннаахтар, ураты сахалыы колориттаахтар.


Мигалкин Иван Васильевич
(1954)

1976 c. «Ньургуһуннаах сурук» хоһооннорун бастакы кинигэтэ бэчээттэммитэ. Ашхабад, Брянск куораттарга ыытыллыбыт бүтүн союзтааҕы поэттар фестивалларын, Москваҕа Пушкин поэзиятын бырааһынньыгын кыттыылааҕа. Оҕолорго анаан «Муосмурун көрүдьүөстэрэ», «Балык тоҕо ууну булбутай» о.д.а. элбэх айымньылардаах.

Неймохов Егор Петрович
(1950 — 2011)

«Сэргэлээххэ саас этэ» диэн маҥнайгы кэпсээнэ « Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммитэ. Автор айымньыларыгар бэйэтин кэмин дьонун- спортсменнары, искусство эйгэтин дьонун, ис орган үлэһиттэрин, учуонайдар, тыа сирин олохтоохторун үлэлэрин-хамнастарын туһунан ойуулаан көрдөрөр. Юрий Сергеев «Королевская охота» кинигэтин сахалыы тылбаастаабыта, Павел Пинигин «Путь к Олимпу» кинигэтин бэлэмнээбитэ. «Хапсыһыы» сэһэнэ П.А Ойуунускай аатынан драматическай театр сыанатыгар туруоруллубута.

Киинэ сценарийдарын суруйталаабыта. «Алампа» диэн икки чаастан турар романа киэҥ биһирэбили ылбыта.

Леонид Попов.
(1919 — 1990)

  Бастакы хоһоонноро 1937с. бэчээттэммиттэрэ 1943с. поэт бастакы хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. 1944с. Софрон Даниловы кытта «Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов» диэн документальнай сэһэни суруйбуттара. 

Сүрүн поэтическай айымныьалара: «От всего сердца» (1950), «Хоптолор» (1958), «Дым родного очага» (1966), «Гори огнем, сердце мое» уо.д.а.

  Кини хоһооннорун нуучча аатырбыт поэтессата Анна Ахматова тылбаастаабыта. Киин издательстволарга «Утро над Леной» (1953), «Алмазный край» (1958), «Снегопад» (1963), «Песни Вилюя» (1970), «Я — ветка тайги» (1977), «От океана до океана» (1979) уо.д.а. хоһооннорун хомуурунньуктара нуучча тылынан бэчээттэммиттэрэ. 
 Саха литературатын киэҥ туттар «Тоҕой Сэлэ», «Мэйи Сирэ» романнарын, «Күндэли» сэһэнин, хас да драмалары сурйбута.

  Литературнай тылбааһынан эмиэ дьарыктаммыта. Б.Полевой «Повесть о настоящем человеке», Н.Гоголь «Тарас Бульба», А.Фадеев «Молодая Гвардия» айымньыларын сахалыы саҥардыбыта.

Семен Попов —

Сэмэн Тумат
(1944)


 Кини хоһоонноро аан бастаан 1965 с. «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбыта. «Сылгы кистиир сыһыытыгар» диэн очеркаларын бастакы хомуурунньуга 1981 с. күн сирин көрбүтэ.  Тумат элбэх кэпсээннэри суруйбута: «Муора арыытыгар олох», «Туундара оһоҕо», «Улуу кыыл тыына», «Иэс төлөнүүтэ». 1994 с. Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы олоҕун, айар үлэтин чиничийэн кинигэ таһааттарбыта. 1995 с. Вл.Федоров нууччалыы тылбааһыгар «Остров в белом океане»  диэн кэпсээннэрин кинигэтэ тахсыбыта.

            Тумат хотугу дьон чэпчэкитэ суох олоҕун билэрэ, сыаналыыра кэпсээннэригэр, сэһэннэригэр олус истиҥник уонна арылхайдык ойууланар.

Сивцев Василий Тарасович
(1933)


Хоһоонноро доҕордоһууну уонна киһи ис иэйиитин көрдөрүүгэ туһуланар. Кини сүүстэн тахса сонеттары суруйбута.

В. Сивцев тылбаасчыт уонна критик быһыытынан эмиэ биллэр. 

Василий Сергеевич Соловьев —

Болот Боотур
(1915 — 1993)


  1957с. кимиэхэ да биллибэт автор «Ол күн» диэн поэматынан Октябрьскай революция 20 сылыгар анаммыт республиканскай конкурска иккис премияны ылан, литератураҕа киирбитэ. «Сааскы дьыбардар» романа 1967с. буолбут Октябрьскай революция 50 сылыгар анаммыт конкурска иккис миэстэни ылан, аны прозаик быһыытынан сиппитин-хоппутун көрдөрбүтэ. Айымньы 1971 сыллаахха бэчээттэммитэ. Бөдөҥ айымньытыгар «Уһуктуу» роман-трилогияҕа революция иннинээҕи саха норуотун олоҕун киэҥник сырдаппыта. Трилогия саха литературатын биир улахан ситиһиитинэн сыаналаммыта.

Руфов Семен Титович

(1927)

1955 с. бэчээттэнэр. Хоһооннорун бастакы кинигэтэ «Кэл, олор, кэпсэтиэх» 1959 с. тахсыбыта. Уон хоһоон кинигэлээх, ону таһынан очеркалара, кэпсээннэрэ, ахтыылара, эсселэрэ, рецензиялара хас да кинигэнэн бэчээттэннилэр. Кини поэзията лирическай тосхоллоох, сырдык юмордаах. Эпиграмма маастара. Дьээбэтэ-хообото «Дьээбэтинньик» (1998 с.), «Зыр-зыр» (2002 с.) кинигэлэригэр түмүллүбүт.

С. Руфов талааннаах тылбаасчыт. В. Шекспир сонеттарын, Ш. Руставели «Тигр таҥастаах бухатыыр» поэматын сахалыы саҥардыбытынан киэҥник биллэр. Кини тылбааска ситиһиилэрин «Сулустаах халлаан» (1998) кинигэтэ туоһулуур.

Савва Иванович Тарасов
(1934 — 2010)


  Хоһоонноро республика сурунаалларыгар уонна хаһыаттарыгар 1950с. бэчээттэнэн барбыта, бастакы «Төрөөбүт Сахам тылынан» хоһооннорун уонна поэмаларын сүүрбэччэҕэ» тиийэ кинигэлэри таһааттарбыта, ол иһигэр «На берегах Синэ» уонна «Цветок аласа» хомуурнньуктара нууччалыы тылбаастанан Москваҕа бэчээттэммиттэрэ. Поэт Егор Исаев «Суд памяти», С.Островой «Мама» поэмаларын сахалыы саҥардыбыта. С.Тарасов тылбааһынан театрга В.Шекспир «Король Лир», «Гамлет», «Макбет», Эврипид «Медея» курдук улуу трагедиялара туруоруллубуттара. Поэт үгүс хоһоонноро ырыа буолан көттүлэр. 

Тимофеев Михаил Егорович

(1932 — 2013)

1957 сылтан бэчээттэнэр. 1960 с. «Маҥнайгы хаар» диэн хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта. Төрөөбүт Сахатын сирин, тыйыс тымныылаах Саха сирин хорсун-хоодуот амарах сүрэхтээх дьонун хоһуйар. Сэрии ыар сылларыгар улааппыт бэйэтин көлүөнэтин суруйар. Инники  сырдыкка эрэллээх, баай ис хоһоонноох олохтоох бэйэтин кэмин дьоннорун ойуулуур. Олох, таптал туһунан суруйбут айымньылара ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылаллар.  «Ааныс» диэн хоһоонунан сэһэнэ онегинныы строфанан суруллубута. М. Джалиль, Т. Шевченко, Токтогул, Р. Гамзатов, Монголия, Тува, Индия поэттарын Хотугу норуоттар суруйууларын тылбаастаабыта. Кини хоһоонноро нуучча уонна атын омук тылларынан бэчээттэммитэ.


Петр Николаевич Тобуруокап
(1917 — 2001)  Бастакы хоһоонноро 1934с. «Колхоз суола» хаһыакка бэчээттэнэн бараллар. Саха народнай поэтын хоһоонноро сытыы тыллаахтар, сырдык юмордаахтар, ырыа буолан дьиэрэйэллэр. Кырачаан ааҕааччыларга анаан элбэх хоһоону күн сырдыгар таһаарбыта. Поэт ону тэҥэ улахан лирико-эпическэй айымньылардаах.

Харлампьева Наталья Ивановна

(1952)

 Литератураҕа дьулусханнык киирбитэ. 1975с. бастакы хоһоонноро  «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ, онтон 1976с. бастакы кинигэтэ — «Аэроплан» «Чэчир» кассетаҕа тахсыбыта. Ол кэннэ кинигэрлэрэ утуу-субуу күн сирин көрөн испиттэрэ:  «Дьол сибикитэ» (1981), «Кыһыл ньургуһун» (1986), «Дьэҥкир киэһэ» (1990), «Атырдьах ыйа» (1994),  «Дьол кымыһа» (1999),Дьэҥкир сурук  (2001), «Ночной полет» (1980), «Красный подснежник» (1988).

Василий Семенович Яковлев —

Далан
(1928 — 1996)

 Бастакы айымньыта «Дьикти саас» сэһэнэ 1976с. «Хотугу Сулус» сурунаалга бэчээттэммитэ, 1978с. туспа кинигэ буолбута. Салгыы суруйааччы 1979с. «Аар тайҕам суугуна» диэн айылҕа харытсабылыгар анаммыт сэһэнэ Далан диэн литературнай аат мээнэҕэ ылыллыбатаҕын ааҕааччыларга итэҕэппитэ.

  Талаанын саҥа кэрдиистэринэн саха былыргытын уус-ураннык көрдөрөр историческай хабааннаах айымньылар буолбуттара. 1983с. тахыбыт «Тулаайах оҕо» сэһэнэ кыргыс үйэтинээҕи кэмҥэ Саха сиригэр олорбут норуоттар олохторун-дьаһахтарын көрдөрүү биир чаҕылхай холобура. Суруйааччы бу темаҕа сүрүн үлэтинэн буолбут «Тыгын Дархан» историческай романа 1993с. күн сирин көрөн, ааҕааччылар биһирэбиллэрин, критиктэр үрдүк сыанабылларын ылбыта, республика общественноһын иһигэр киэҥ кэпсэтиини күөдьүппүтэ. Туох да күүркэтиитэ суох бу роман саха литературатын саамай үрдүк ситиһиитэ. «Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын» (1991), «Кынаттаах ыралар» (1988) романнарын, «Дьылҕам миэнэ» (1994) автобиографическай роман-эссетын суруйан ааҕааччыларга хаалларбыта. 

 Кырачаан ааҕааччыларга анаан хас кинигэлээ: «Саха төрдө», «Тэппэй боччумурар».

драматическай айымныьылары эмиэ суруйталаабыта.

uus-uranliteratura.blogspot.com

«Саха суруйааччылара озолорго»

Саха суруйааччылара — озолорго

Бэлэмнээтэ:

Евсеева В.Д.

  • Платон Алексеевич Ойуунускай (Слепцов) — Саха советскай литератууратын төрүттээбит суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит, XX үйэ саҥатыгар олох-дьаһах чыҥха уларыйыытын оҥорсубут уһулуччулаах политическэй диэйэтэл, лингвист-учуонай, ноуука салайааччыта.1893 сыл сэтинньи 11 күнүгэр Боотур уус Таатта улууһун Чөркөөх сэлиэнньэҕэ дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. 14 саастааҕар оскуолаҕа киирбитэ. Ону бүтэрэн баран Дьокуускайга көспүтэ, учуутал семинариятыгар үөрэммитэ.Платон Алексеевич олоҕун бүтүннүүтүн төрөөбүт дойдута сайдыытыгар анаабыта.Саха бырабыыталыстыбата 1966 с. Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Государственная премияны олохтообута, кини аатын Саха Академическай драматическай театра, Литература музейа сүгэллэр. Кини аатынан Дьокуускай киин уулуссаларыттан биирдэстэрэ ааттаммыта.Оголорго анаан элбэх айымньыны суруйбута: Омуннаах о5о», «Өйдөөх о5о». «Тураах тууһута», «О5о куйуурдуу турара». «Үгэспинэн буолла5а дии», «Соломуон Муударай», «Александр Македонскай»

Платон Алексеевич Ойуунускай

  • Неустроева Анна Денисовна (03.02.1903—30.11.1947) — оҕо суруйааччыта, cахаттан бастакы дьахтар суруйааччы, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, фольклору хомуйааччы, общественнай диэйэтэл. Олунньу 3 күнүгэр 1903 сыллаахха Байаҕантай улууһун Уолба нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1915 сыллаахха Уолба оскуолатыгар киирбитэ. «Ньургуһун» диэн оскуола сурунаалыгар таһаарыыга кыттыбыта. Онно бастакы кэпсээннэрин суруйбута.Оскуоланы бүтэрэн баран 1923 сыллаахха Дьокуускайга педтехникумҥа киирбитэ. Озолорго анаан уонча кэпсээни суруйбута. ол курдук: «Албын» «Тиргэhиттэр» «Кэhии» о.д.а. айымньылара киэн биьирэбили ылбыттара.

.

Анна Денисовна Неустроева

  • Сметанин Тимофей Егорович (1919- 1947 сс.) — саха суруйааччыта, прозаик, поэт, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.1919 сыллаахха Орто Бүлүү улууһун кырыы нэһилиэгэр Чачыга (кэлин Кэбээйи наһилиэгэ, Кэбээйи оройуона диэн ааттаммыта) дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Егор Николаевич иккис кэргэниттэн Левина Анастасия Степановнаттан үс оҕоломмута, Тимофей бастакылара этэ.Оскуолаҕа хойутаан, төрөппүттэриттэн көҥүлэ суох, 11 сааһыгар 1930 сыллаахха, үөрэх дьыла бүтэрэ чугаһаабытын кэннэ киирбит. Биллибит айымньылараЛоокуут уонна Ньургуһун. Драма. 1945 сыллааҕы саха бастыҥ драмата буолбут.О5олрго анаабыт кыракый айымньылара :: «Мэхээлэчээн булчут», «Күөрэгэй» остуоруйа, «Куоска олоңхото», «Көрүдьүөс күн», «Кыһыл былааттаах кыыс» пьеса, «Кыталык кыыс», «Уол уонна эһэ» сценка.

Тимофей Егорович Сметанин

  • Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон (1906- 2005 сс.) Саха народнай суруйааччыта. 1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ. Кини драматург, прозаик уонна поэт быһыытынан биллэр. Айар үлэтин «Хагдарыйбат ньургуһун» хоһоонунан 1926 с. саҕалаабыта. Маҥнайгы кэпсээнэ «Өлүөнэ өрүс», драмата «Күөх Көппө» эмиэ ити сыл суруллубуттара. «Сордоох суха», «Аанчык», о.д.а. кэпсээннэрэ — классическай айымньылар.О5олорго анаан суруйбут айымньылара: «Остуоруйалар», «Дедушкины сказки», «Кыраларга», «Ахсаан чабыр5а5а», «Чычып-чаап», «До5ордоһуу тойуга», «Ийэ дойду», «Чөөчө» уонна «Чүөчээски» курдук киэҥник биһирэммит кэпсээнинэн айымньылардаах.

Дмитрий Кононович Сивцев

  • Николай Гаврилович Золотарев – Николай Якутскай (1908- 1995) — Саха народнай суруйааччыта. 1908 с. сэтинньи 22 кунугэр Үөһээ Бүлүү улууһугар төрөөбүтэ.Айар улэтэ 1938 с. саҕаламмыта. Бастакы кинигэтэ «Өлүүнү кыайбыт — өлбөт» 1944 с. тахсыбыта. Очеркалартан, кэпсээннэртэн саҕалаан, улахан сэһэннэри, романнары биэрбит, таһаарыылаахтык үлэлээбит прозаик. Кини барыта отуттан тахса кинигэ ааптара. Саха прозатын Союз, аан дойду түһүлгэлэригэр таһаарсыбыт үтүөлээх. Саха литературатын историятыгар аан бастакы «Төлкө» трилогияны суруйан киэҥник биллибитэ. Н.Якутскай өссө «Сир», «Илин уонна Apҕaa», «Адаҕа», «Сүтүк» романнары бэчээттэппитэ.Саха народнай суруйааччыта. О5олорго анаан суруйбут айымньылара: «Маңнайгы сааланыы», «Дьүкээбил уота», «Сир кыыһа», «Хотой до5оро», «То5ус муора ула5атынан», «Ойуур оскуолата», «О5о эрдэ5инээ5и оло5ум туһунан сэһэн», «Күнтэн -күн аайы», «Сэрэхтээх Сэмэликээн», «Биирдии остуоруйа».

Николай Гаврилович Золотарев

  • Иннокентий Михайлович Сосин (1928 с ) — о5о суруйаачччыта, поэта. Мэңэ Хаңалас улууһугар төрөөбүтэ.«Сахсаахаан Сахаар», «Төрөөбүт ыырдарым», «Айыл5алыын алтыһыы», «Абааһы туһунан кэпсээннэр» кинигэлэрдээх.

Иннокентий Михайлович Сосин

  • Петр Николаевич Тобуруокап (1917 – 2001 сс.) — саха народнай поэта, саха улуу Маршага, Чуковскайа дииллэр. Саха о5ото өйө уhуктуо5уттан Бүөтүр Тобуруокабынан тылланар, кини ырыаларын оло5ун устата аргыс оностор. Петр Николаевич Тобуроков 1917 с. алтынньы 25 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр (бэйэтэ суруйбутунан Өлөкөөн диэн Тоҥуо Куону диэн Өргүөт сиригэр, быһа холоон алтынньы ортотугар) булчут Ньукулай Тобуроков уонна Евдокия Ксенофонтовна Иванова (Улахан Огдооччуйа) дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтэ. Биэһигэр 1922 с. төрөппүттэрэ оҕолорун үөрэттэрээри ийэтин дьоно олорор сирдэригэр Ороһуга көспүттэр. Уол аҕатын батан сааһыт, туһахчыт, тууһут, илимньит, мындыр булчут буола улааппыт.Ааҕарга өссө оскуолаҕа киириэн инниттэн таайа үөрэммит.О5олорго кинигэлэрэ: «Буукубалар мунньахтара», «Чаный Ча5аан», «Лыах», «Маңан тиин», «Ытанньах герой буолбат», «Тиэргэннээ5и зоопарк», «Буур5аллай», «Сиибиктэ», «Чабыр5ах азбука», «Чыычаахтар күнү көрсөллөр», «Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр», «Тыа5а олорон», «Сайын ханна барабын?»

Петр Николаевич Тобуруокап

Ханнык тылларый?

Х букваттан сазалыан-

Халлаан уеhэнэн

Халын уерунэн

Халыгыраьан ааhыа.

Т -ны бастатыан-

Тылын уларыйыа,

Ерускэ, хайаза

Ереhелене сытыа.

Б -ны бастатыан

Балыаhаза барыан,

С -тан санарыан-

Ыраас куеххэ хаамыан!

Хаас

Таас

Баас

саас

  • Кинини А-5а эптэххинэ,
  • О-зо эппиккин сиэзэ,
  • Оттон Ы-га эптэххинэ,
  • Э-5э эппиккин сиэ5э!
  • Бутуннуутун аазыан-
  • Уеруен-кетуен, ыллыан,
  • Биир букваны быра5ыан-иhигэр сытыан, сынньаныан,
  • Иккини ылан кэбиhиэн, Искэзи, елу сиэн,
  • Уhу ба5ар ке5урэтиэн-
  • Уйэлээх сааскар иhиэн!
  • Хотуу
  • Отуу
  • Туу
  • Уу
  • Кенетүк аах-
  • Күн күлэ тахсыыта
  • Күлүмнүү сытыа,
  • Теттерү аах-
  • Түңкэтэх тыаза
  • Түбэhэн ааhыа!

Буквалар оонньууллар

Сорозор куну куннээн

Буквалар оонньууллар,

Бытарыhа сырсаллар,

Куел урдугэр сытааччы,

Кун уотугар сыламнаан

Арыт мээчик хапсаллар,

Арыт куннээн тусталлар.

Сана хаьыат аа5ааччы.

Уо -уоту таптыыр,

Араастык да оонньууллар:

Бастын костер оттоочу,

Куораттары туталлар,

Космонавт буолаллар,

Куттун, ба5ар, хаар-самыыр,

Син биир уоту ылааччы.

Муораларга усталлар.

Уу — ууhут бэрдэ,

Кулумурдуур теленнердуун

Керудьуеhу кэпсэтэр,

Ууттан олох тахсыбат,

Муора унуор да тиийэ,

Кееннье кетер кыымнардыын

Харбыырыттан салгыбат

Куех былыкка тиийсиhэр.

Таас хайаттан — урдуктэн

Аа -айанньыт ааттаа5а,

куттаммакка ыстанар,

Аан дойдуну кэрийэр,

Африканы эргийэр,

Олус дохсун сууруктэн

Арктика5а да тиийэр.

Ордук уерэр, астынар.

Арааьынай дойдуларга,

Хаьан эрэ мунхатыгар

Кемус балык кэлиэ5э,

Араас-араас куораттарга

Атастардаах, до5оттордоох,

О5олорго барыларгыар

Таптыылларын биэриэзэ.

Айаннаhар дьоннордоох.

Й -хара теруе5уттэн

Үү -утуекэн ыанньыксыт

Аатырбыт космонавт,

Үүт сууругун халытар,

Ыйга бастаан кетуе5уттэн

Сынньаланар ункууьут,

Урумэччи курдук кетер.

Онно дьиэлээх, базалаах.

Ункуулуурун кербуттэр

Горючай кутан биэрэр

Советскай харааптарга,

Бука бары ке5уйэллэр,

Бэйэлэрэ билбэккэлэр

Ый картатын уерэтэр

Ункуулэьэн тэйэллэр!

Эдэр космонавтарга.

Буквалар -кыргыттар,

Т-туйгун тутааччы,

Куораттары айааччы,

Буквалар-уолаттар,

Сорохторор мэниктэр,

Былыкка тиийэ сыhа

Ууннэ пионер дыбарыаhа!

Сорохторо крсуелэр,

Б -балыксыт, мунхаhыт,

Буквалар-о5олор,

Буур5алаах да муораттан

Оонньуулларын таптыыллар,

Куттанар диэни билбэт,

Хам-бааччы олорботтор,

Долгунтан дуол иннибэт.

Керулууллэр, ыллыыллар.

С -сытыы, сымса,

«Мичил» диэн трубканы

Кини быйыл аспыта,

Суурук атамаана,

Саас, сайын да кроска

Саамай беден алмааьын

Оскуола чемпиона.

«Пионер» диэн ааттаабыта.

Ч -чыычаах куемэй,

Буквалар-о5олор,

Куех кырдалга куерэгэй

Уолаттар да кыргыттар,

Сорохторо улахаттар,

Ыллыырын курдук ыллыыр.

Оо -биллиилээх о5уруотчут,

Сорохторо кыралар.

Буквалар пионердар,

Огурсуну, моркуобу

Бастаан тылы таьаараллар,

Олордооччу, уу кутааччы,

Лаа5ырдарга олороллор,

О5олору маанылааччы.

Кердеех кутаа оттоллор.

Үϴ -уерэхтээх учуонай,

Бука бары дозордуулар,

Уерэтэр арааьынай

Биир звено курдуктар,

Уеннэри кейуурдэри,

Биир этэрээт курдуктар,

Кетердеру-суурэрдэри.

Г -геолог бэрдэ

Биир алфавит буолаллар.

Сайын аайы саас эрдэ

Халын тыаны зхайытар,

Хайалары хасыьар.

Бол5омто5ут иьин махтал!

multiurok.ru

«Маарыкчаан ыччаттара» романын суолтата

Темата: С.С. Яковлев – Эрилик Эристиин

«Маарыкчаан ыччаттара» романын суолтата

Сыала:

  • Елбет уйэлээх айымньыларынан сиэттэрэн чэбдик олох иЬин охсуЬууга олук ууруу;

  • Улэ то5ооЬо: Эрилик Эристиин романа билигин да суолтатын сутэрбэт;

  • Сонуна: Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттара» романын суолтата билинни ыччаты иитиигэ суду оруоллаах.

Соруга:

  • Билинни кэмнэ киЬи киЬиэхэ сыЬыана мелтеебутунэн, атааннаЬыылар тахсалларын туЬунан истэбит да, керебут да. 2012 сыл норуоттар до5ордоЬууларын уонна сомо5олоЬууларын сылынан биллэриллибитинэн, «Маарыкчаан ыччаттара» романы аа5ыы, уерэтии, наадалаа5ынан кердеруу.

  • Айымньы кеметунэн бэйэ ейун – санаатын ханатыыга, майгытын-сигилитин тупсарыыга туЬаайыы.

  • Ыччат бэйэтин – бэйэтэ сайыннарар кыахтарын иитии.

Роман суолтата:

  1. Бастакы роман.

«Маарыкчаан ыччаттара» бастакы роман буолар улуу суолталаах.

БиЬиги биир дойдулаахпыт, улуу суруйааччы, гражданскай сэрии кытыылаа5а, «Маарыкчаан ыччаттара» романын иЬин Саха сирин комсомолун бириэмийэтин лауреата, Саха Островскайа, кыЬыл партизан Семен Степанович Яковлев – Эрилик Эристиин беден айымньытын, норуот оло5ун киэнник хабан, диринник хорутан, ымпыктаан-чымпыктаан ойуулаан, 110 тахса геройдаах, персонажтаах, элбэх сюжетнай линиялардаах айымньыны суруйан саха литературатын аан бастакынан роман жанрын олохтообута.

  1. «Орудие» — дьону тумэр, естееххе еЬуену кууркэтэр куус.

Сахалыы маннайгы роман А5а дойду сэриитин саамай кучумэ5эй куннэригэр куус – кеме быЬыытынан кэлбит бойобуой орудие кэриэтэ 1942 с. Бэчээттэммитэ.

Онтон ыла кун бугуннэ диэри хас да келуенэ эдэр ыччата туруоруллубут дьыала иЬин тиЬэ5эр тиийэ бэриниилээх, хорсун-хоодуот буоларга иитэр суолталаах.

  1. Эдэр суруйааччылары айар кыЬа5а уерэтии оскуолата.

Саха прозатыгар гражданскай сэрии тематыгар суруйааччылар уонна роман жанрыгар кэлин холонооччулар Эрилик Эристиин опытын тумнубатахтар саарба5а суох.

  1. Историзма.

«Маарыкчаан ыччаттара» роман 1918 – 1922 сыллары кердерер.

Ити кэминээ5и кырыктаах кылаас охсуЬуута, эргэ, сана куустэр елер-тиллэр курэхтэЬиилэргэ уус-ураннык кестер. Саха бастын ыччаттара, комсомолецтара, коммунистическай геройдуу охсуЬуулара, араас омуктар, дьоннор бэйэ-бэйэлэрин ейдеЬер, ытыктаЬар быЬыылара, кыра – кыаммат дьон сана олох кырдьыга ерегейдуурун туЬугар уодаЬыннаах утарсыылара ойууланар.

  1. Реализма

Суруйааччы «Маарыкчаан ыччаттара» романыгар бэйэтэ этинэн-хаанынан билбитин – тереебут норуотун ол кмнээ5и саамай типичнэй, характернай чахчыларын тумэн кердербутэ.

Роман ис хоЬооно Чурапчыга буолбут дьиннээх чахчыларга оло5уран суруллубутун критик Г. Боескоров айымньы ситиЬиитинэн сыаналаабыта. «Эрилик Эристиин» монография автора Н. Тобуруокап: «Бу роман суруйааччы тереебут-уескээбит Чурапчытын оло5ун, кини чулуу дьоннорун уйэтиппит айымньыта» диэн тумуккэ кэлбитэ.

Маарыкчаан герой комсомолецтарын образтарын прототиптарынан маннык дьон ылыллыбыттар: Коля Манасов – Николай Дмитриевич Субуруускай, Костя Манасов – Константин Алексеевич Сокольников, Гена Бологуров – Георгий Никитич Дьячковский,Сеня Оноев – Степан Афанасьевич Савин (Кун Дьирибинэ). Бу дьон о5о эрдэхтэриттэн бииргэ уескээбиттэрэ.

  1. Олох кэрэтин этэр

Олох кэрэтэ киЬи киЬини кытта эн-миндэЬэн ирэ-хоро билсэригэр, кэпсэтэригэр буолар. Дьону кытта бодоруЬан, дьон оло5у толору билэллэр. КиЬи киЬиттэн уерэнэр. Эрилик Эристиин бу романыгар сана дьоннор уунуулэрин хайа да айымньылардаа5ар сиЬилии кердерер. Маарыкчаан биэс уола Чинарин иитиитинэн бэриниилээх большевик буола уунэллэр.

  1. До5ордуу сыЬыан

Семен Степанович героическай эпопеятыгар бэйэтин сурун персонаж быЬыытынан киллэрбэтэ5э. Дьининэн, кини тынааЬыннаах событиеларынанаЬары баай оло5о толору матырыйаала биэриэх, айымньытын композициятын букатын уларытыах этэ. Ол оннугар оччотоо5уга сымыйанан буруйданан, умну хаалларынан сылдьыбыт, аатырбыт партизаны – Уот Субуруускайы кини герой онорбута бу туспа суолталаах.

  1. Интернационализма

Сахалыы маннайгы роман ханнык ба5арар омугумсуйууну утары суруллубут. «Маарыкчаан ыччаттара» идеятынан Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар буолбут кырыктаах кыргыЬыыны, норуоттар до5ордоЬууларын хоЬуйуу, ол туЬугар геройдуу охсуспут, олохторун биэрбит утуекэннээх дьоннору уйэтитэр.

Романна араас омуктар до5ордоЬуулара киэнник кердеруллэр. Манна сахалар, нууччалар, татардар, украинецтар, кореецтар о. д. а., омуктар до5ордоЬуулара сэрии кутаатыгар буЬан-хатан тахсара ойууланар.

  1. Сомо5олоЬуу

Саха кыра-хара норуота партияны кытаанахтык сомо5олоЬон, хааннаах кыргыЬыыны тэрийбит улуу бандьыыттары утары сэриилэЬэр. Холобур,Коля Манасов барытын эрдэттэн бэлэмнээбит буолан, бутун этэрээти еруЬуйэр, атын кыЬыл чаастарыгар холбоЬон куус-кудэх эпсиЬэр. Партизанскай группаны тэрийэр.

  1. Патриотизма

«Маарыкчаан ыччаттара» роман – ыччаты патриотизм тыыныгар иитэргэ, кинини тереебут дойдутун иннигэр бэриниилээхтик охсуЬар санаа5а уЬуйарга сункэн суолталаах. Ол туЬунан биллиилээх Анатолий Ольхон этэр: «Николай Островскай «Ыстаал хайдах хатарыллыбыта» уонна Александр Фадеев «Эдэр гвардия» диэн романнарын кытары сэргэ саха суруйааччытын бу айымньыта эмиэ биЬиги коммунистическай ыччаппытын кердербут, онон кыайыылаах советскай норуот эдэр келуенэ ыччаттарын сурэхтэрин буолуох туЬа суох».

Тумугэ:

«Маарыкчаан ыччаттара» роман ааспыт олох кэрэЬитэ буоларынан, сана оло5у тутууга киЬи-аймах тумсуутун, ыччат инники куеннэ сылдьарын кердерерунэн, киЬи ис айылгыта этэринэн иитэр, уерэтэр суду суолталаах. Билинни уйэ унуутэ – батаЬа буолар.

«Маарыкчаан ыччаттарын» сырдык образтара теЬенен элбэх сылааЬан иЬэрий да, соччонон ордук кэрэтийэн, биЬигиттэн тэйиэхтэринээ5эр ессе чугаЬаан иЬиэхтэрэ.

infourok.ru

СУРУЙААЧЧЫЛАР УОННА ПОЭТТАР

САХА НАРОДНАЙ 

СУРУЙААЧЧЫЛАРА УОННА ПОЭТТАРА.

Серафим Романович Кулачиков —

Эллэй.

(1904-1976)

1929с. хоһооннорун «Күөгэйэр күннэрбэр» диэн бастакы хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. 30-с сыллардаахха поэт айымньытын сүрүн тематагражданскай сэрии. «Саа уоһугар», «Үс сытыык үөһүгэр» хоһоонноро уонна аатырбыт «Буурҕа-буулдьа дьылыгар» поэмата саха советскай литературатын классиката буолбуттара. 30-40-с сыллар усталарыгар:»Саҥа ырыалар» диэн киэҥник биһирэммит хоһоонноро (1932), «Даешь социализм» (1939), «Айан уоттара» (1941).

Эллэй хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтигэр ураты миэстэни остуоруйаҕа олоҕуран суруллубут «Чурумчуку» (1937) поэма ылар. Сэрии кэнниттэн «Саха дьоло» (1947) уонна «Прометей» (1949) историческай поэмаларга Эллэй сүҥкэн эпическэй уонна лирическэй хабааннаах поэт буоларын көрдөрбүтэ. 1950-70-с сыллардаахха Эллэй айар үлэтэ аан дойду, үлэ, эйэ уонна норуоттар доҕордоһуулара, олох түгэннэрин филосовскай ырытыы, норуот историятын темаларыгар анаммыта. 

Поэт хоһоон ритмикатын маастара, саха поэзиятыгарсаҥа элбэх литературнай приемнары уонна рифмалары киилэрбитэ, лирическэй герой быһыытынан араас майгылаах уонна дьылҕалаах персонажтары көрдөрбүтэ.

Николай Егорович Мординов — 

Амма Аччыгыйа.
(1906-1994)

Бастакы «Ийэ» диэн хоһооно 1927 с. Хотугу Сулус сурунаалга бэчээттэммитэ. Саха литературатын көмүс фондугар киирбит «Быһах угун кыстыммат» кэпсээннэрин хомуурунньуга 1934с. ааҕааччылар дьүүллэригэр тахсыбыта. 1936с. «10 сыл» диэн хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньугун, 1937с. «Атаҕастабыл» сэһэнин бэчээттэтэн бөдөҥ поэт, драматург, прозаик быһыытынан бэйэтин биллэрбитэ.

Амма Аччыгыйа саамай бөдөҥ, айар үлэтин чыпчаалынан буолбут «Сааскы кэм» диэн айымньытынан саха литературатын олох саҥа, үрдүкү кэрдиискэ таһаарары ситиспитэ. Нууччалыы, украинскай, чешскэй, венгерскэй уонна а атын тылларга тылбаастанан ааҕааччылар киэҥ араҥаларыгар тиийбитэ. 

Амма Аччыгыйа «Суруйааччы уонна айымньы» литературнай-критическэй ыстатйалар хомуурунньуктарын автора, ону тэҥэ оҕолорго анаан элбэх айымньылары бэчээттэппитэ.

Улахан талааннаах тылбаасчыт. М.Лермонтов «Герой нашего времени», Л.Толстой «Анна Каренина», «Воскресение», В.Шиллер «Коварство и любовь», М.Шолохов «Наука ненависти», «Тихий Дон» курдук роман тылбааһын иһин суруйааччы П.А.Ойуунускай аатынан премияны ылар чиэстэммитэ.

Владимир Михайлович Новиков —

Күннүк Уурастыырап.
(1907 — 1990)

Айар үлэтэ 1925с. саҕаламмыта. «Уһуктубут кыраайга» диэн 20-с сыллардаахха суруйбут хоһооннорун хомуурунньуга 1932с. бэчээттэммитэ, ол хоһооннортон элбэх маассабай ырыа айыллыбыта. «Коммунист Сэмэн» диэн поэзиятын бөдөҥ айымньыта биһирэммитэ. Поэт олоҥхону уонна тойугу үрдүк таһымнаахтык толороро, «Тойон Дьаҕарыма Бухатыыр» олоҥхо автора. Сэрии саҕана үрдүк күүрүүлээх патриотическай хоһооннорун хомуурунньугар киирбит «Хотугу кустук» диэн Советскай Сооюз Геройа Федор Попов хорсун быһыытыгар анаммыт поэмата улахан билиниини ылбыта. 1951с. «Ымыы уонна Налбыһах» диэн колхозтааһын саҕана саха дэриэбинэтин олоҕун көрдөрөр улахан эпическэй поэманы ааҕааччы дьүүлүгэр таһаарбыта. 

Күннүк Уурастыырап — талааннаах тылбаасчыт. Кини А.С.Пушкин, Т.Г.Шевченко, Джамбул Джабаев, Микола Бажан уонна да атын поэттар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. 

Дмитрий Кононович Сивцев —

Суорун Омоллоон.
(1906 — 2005)

Саха литературатыгар кылгас кэпсээннэр маастардарынан киирбитэ. Бастакы айымньытын «Өлүөнэ өрүс   кэпсээни 1926с. «Чолбон» сурунаалга бэчээттэппитэ. «Сордоох суха», «Аанчык», «Бэйэтэ эмтиэкэ» курдук биһирэммит кэпсээннэрдээх.

Саха сиригэр драматургия уонна театр сайдыытыгар үлэтэ уонна айымньылара сүҥкэн суолталаахтар. Суруйбут айымньылара: «Күкүр Уус» (1934), «Айаал» трагедия (1941), «Сайсары» (1942), «Ийэ дойду иһин» (1950), «Сардаана  уонна Саасчаана» (1984) уо.д.а. 1970с. «Күн тахсыан иннинэ» драматын иһин П.А.Ойуунускай аатынан государственнай премияны ылбыта. «Айхал» театрализованнай концерт сценарийа (1942), «Улуу коммунист поратиятыгар» саха бастакы кантатата (1945), «Алаас сибэккитэ» бастакы национальнай опера либреттота, «Ыһыах» («Северная весенняя») теартализованнай оратория (1958), Лоокуут уонна Ньургуһун» (1959), «Кыһыл Ойуун» (1963), «Умуллубат уот» (И.Эртюковы кытта, 1966), «Хотойдор хоту көтөллөр» (1960), «Дьол тааһа» (1960-63), «Күн Куо» (1970), «Абакаяда» (1982) балеттар либреттолара.

Иван Михайлович Гоголев —

Кындыл.
(1930 — 1998)

Саха литератратыгар 1952 с. киирбитэ. Бастакы «Угуйар уоттар» поэтическай хомуурунньуга ити сылга тахсан сэҥээриини ылбыта., кэлин утуу-субуу «В далекий путь», «Кынаттар», «Хаарчаана», «Өлүөнэ хоптолоро», «Бастакы кыым», «Түөрт саҕах» кинигэлэрэ тахсыбыттара. Киин издательстволарга нуучча тылынан бэчээттэммит «Ягель в инее», «Письмена на бивне мамонта», «Ищу волшебный подснежник», «Серебряное стремя» уонна да атын хоһооннор уонна поэмалар хомуурунньуктара саха поэзиятын үрдүк таһымҥа көрдөрбүттэрэ. Поэт хоһооннорун дойду биллиилээх тылбаасчыттара Вл.Павлинов, О.Шестинскэй, В.Казанцев, Н.Старшинов уо.д.а. нуучча тылынан саҥардан ааҕааччылар киэҥ араҥаларын билсиһиннэрбиттэрэ.

Поэт сүүстэн тахса хоһоонноро ырыа буолан эйээрбитттэрэ. 

Талааннаах прозаик быһыытынан «Хара кыталык», «Иэйиэхсити кэлэтии» романнара, «Олорор мутуккун кэрдимэ», «үһүс харах» сэһэннэрэ саха прозатын бэлиэ айымньылара буолбуттара. Драматург быһыытынан «Наара Суох», «Иннэ үүтүнэн» о.д.а. пьесалары, «Цветок Севера» саха бастакы опереттатын либреттотын, «Долина стерхов» музыкальнай остуоруйа-пьесаны суруйбута.

Семен Петрович Данилов.
(1917 — 1978)

1937с. айымньыларын бэчээттэтэн барбыта. Поэт-лирик бэртээхэй хоһоонноро норуокка ырыа буолан көппүттэрэ. 

Литератор быһыытынан диапазона олус киэҥ этэ: хаһыат публицистическай хоһооно уонна маасабай ырыа, фельетон уонна көрдөөх-күлүүлээх хоһоон, оҕолорго анаммыт хоһооннор, кэпсээннэр, литературнай-критическэй ыстатыйалар, норуот айымньытын поэтическай обработка, поэмалар.

А.пушкин, М.Лермонтов, А.Мицкевич, Т.Шевченко, И.крылов, М.Горькай, А.Гайдар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Семен Данилов аата дойду уус-уран тыллаах маастардарын кытта биир кэккэҕэ турар.



Софрон Петрович Данилов.

(1922 — 1993)

1934с. уон икки саастааҕар «Кыым » хаһыакка бастакы суруйуутун бэчээттэппитэ. 1938с. «Бэлэм буол» хаһыакка «Мууска» диэн хоһооно бэчээттэммитэ, сотору соҕус буолан баран илиинэн суруллар студеннар сурунаалларыгар суруйааччы бастакы кэпсээнэ тахсыбыта. 

Айар үлэтэ саха литературатын киэҥ туттуута. Үгүс хоһоонноро ырыа буолан көппүтэрэ, «Сүрэх тэбэрин тухары», «Кыыс Амма», «Дьэҥкир туһунан номох» романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара, «Манчаары», «Дьоҥҥо үөрүүнү аҕалан», «Уот», «Бааһына» сэһэннэрэ араас кэмҥэ тахсан ааҕааччы болҕомтотун тардыбыттара. 

«Сахалар ааттарыттан» драмата С.А.Григорьев туруоруутунан 1959с. драматургияҕа республикатааҕы конкурска иккис премияны ылбыта.

Ефимов Моисей Дмитриевич
(1927)

Талааннаах оҕо оскуолаҕа киирээт, эркин хаһыатыгар хоһооннорун таһааттаран барбыта. 1957с. ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнинэн ылыллар. Ити сылтан ыла айар үлэ эйгэтигэр кимиилээхтик киирэр.

45 кинигэтэ сахалыы, нууччалыы, казахтыы, тувалыы тылларынан тахсыбыттара, ону таһынан 5 кинигэни тылбаастаан бэчээттэттэ. Поэт Сергей Есенин эппитинии «Мин олоҕум кэпсээнэ — мин хоһооннорум» диэн киэҥ тутта этэр. кини бастакы хоһооннорун хомуурунньуга 1954 с. тахсыбыт «Киирбэт күннээх дойдуга» диэн, бүтэһик улахан айымньыта — «Хотой үҥкүүтэ» 1993 с. тахсыбыта.

Ермолаев Рафаэль Дмитриевич —

Баҕатаайыскай

(1931)

1951 с. бэчээттэнэр. «Кытыан кымньыы» диэн үгэлэрин, хоһооннорун бастакы кинигэтэ 1957 с. бэчээттэммитэ. Сатирик-поэт быһыытынан киэҥник биллибитэ. «Уолаттар уонна кийииттэр» хоһоонунан романа туспа кинигэнэн тахсыбыта. «Бэйэҥ сулускун булуоҥ» роман, «Мөһүүрэлээх бөтүүктэр» диэн сэһэннэрэ ааҕааччы болҕомтотун таппыттара. 

Норуот таптаан ыллыыр ырыаларын тылын  суруйбут лирическэй, гражданскай поэт быһыытынан эмиэ биллэр. 

Кэлин сылларга саха чулуу дьонноругар анаабыт поэмаларын бэчээттэттэ. Ахтыылары суруйда.

Николай Гаврильевич Золотарев —

Николай Якутскай.
(1908 — 1996)

Аан бастаан украинскай уонна молдавскай хаһыаттарга «Тирасполь-город, основанный Сувровым», «Под новый год» уонна да атын документальнай очеркалара бэчээттэнэн тахсаллар. «Особняк Любы Одесской» диэн очеркатын анныгар аан бастаан Николай Якутскай диэн псевдонимынан илии баттаабыта. 

1947с. суруйааччы бастакы бөдөҥ айымньыта — «Төлкө» роман бастакы чааһа бэчээттэммитэ. 1948с»тахсыбыт «Көмүстээх үрүйэ» сэһэнэ биир бастыҥ айымньыта буолбута. Суруйааччы олоҕун кэнники кэрдиис кэмигэр айылыбыт «Илин уонна Арҕаа» автобиографическай роман, «Адаҕа» уонна «Сүтүк» романнара эмиэ биһирэбили ылбыттара. 

Кырачаан ааҕааччыларга анаан «Дьүкээбил уоттара», «Хотой доҕоро» курдук бэртээхэй айымньылары суруйан хаалларбыта. 

Кривошапкин Андрей Васильевич

(1941)

1962 с. бэчээттэнэр. Бастакы кинигэтэ «Опо» эбээн тылынан 1969с. тахсыбыта. «Оҕо сааһым табалара», «Уйамкане идут на Север» сэһэннэрэ,  «Дьылҕам кытыла» (1988), «Көмүс таба» (1990) романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара.


Николай Анатольевич Лугинов
(1948)
1974 с. бэчээттэнэр. Бастакы кинигэтэ «Кэпсээннэр» 1976 с. тахсыбыта. Элбэх сэһэн, роман кинигэлэрин ааптара. Театрга ситиһиилээхтик туруоруллубут пьесалардаах. Кини кинигэлэрэ нууччалыы, сорох Европа тылларыгар тылбаастаммыттара. Аан дойдутааҕы «Алжир – культуралар быһа охсуһууларыгар», Казахстан «Алаш», Россия «Улахан литературнай» бириэмийэлэрин лауреата, СР искусствотын үтүөлээх деятелэ.

Кини прозатын улахан ситиһиитинэн «Таас Тумус» сэһэннэрэ уонна үс кинигэлээх «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» романа буолар. Бу романынан «Чингисхан кистэлэҥэ» уус-уран киинэ уһулунна. Суруйааччы быһыытынан айымньылара философскай хабааннаахтар, ураты сахалыы колориттаахтар.


Мигалкин Иван Васильевич
(1954)

1976 c. «Ньургуһуннаах сурук» хоһооннорун бастакы кинигэтэ бэчээттэммитэ. Ашхабад, Брянск куораттарга ыытыллыбыт бүтүн союзтааҕы поэттар фестивалларын, Москваҕа Пушкин поэзиятын бырааһынньыгын кыттыылааҕа. Оҕолорго анаан «Муосмурун көрүдьүөстэрэ», «Балык тоҕо ууну булбутай» о.д.а. элбэх айымньылардаах.

Неймохов Егор Петрович
(1950 — 2011)

«Сэргэлээххэ саас этэ» диэн маҥнайгы кэпсээнэ « Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммитэ. Автор айымньыларыгар бэйэтин кэмин дьонун- спортсменнары, искусство эйгэтин дьонун, ис орган үлэһиттэрин, учуонайдар, тыа сирин олохтоохторун үлэлэрин-хамнастарын туһунан ойуулаан көрдөрөр. Юрий Сергеев «Королевская охота» кинигэтин сахалыы тылбаастаабыта, Павел Пинигин «Путь к Олимпу» кинигэтин бэлэмнээбитэ. «Хапсыһыы» сэһэнэ П.А Ойуунускай аатынан драматическай театр сыанатыгар туруоруллубута.

Киинэ сценарийдарын суруйталаабыта. «Алампа» диэн икки чаастан турар романа киэҥ биһирэбили ылбыта.

Леонид Попов.
(1919 — 1990)

  Бастакы хоһоонноро 1937с. бэчээттэммиттэрэ 1943с. поэт бастакы хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. 1944с. Софрон Даниловы кытта «Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов» диэн документальнай сэһэни суруйбуттара. 

Сүрүн поэтическай айымныьалара: «От всего сердца» (1950), «Хоптолор» (1958), «Дым родного очага» (1966), «Гори огнем, сердце мое» уо.д.а.

  Кини хоһооннорун нуучча аатырбыт поэтессата Анна Ахматова тылбаастаабыта. Киин издательстволарга «Утро над Леной» (1953), «Алмазный край» (1958), «Снегопад» (1963), «Песни Вилюя» (1970), «Я — ветка тайги» (1977), «От океана до океана» (1979) уо.д.а. хоһооннорун хомуурунньуктара нуучча тылынан бэчээттэммиттэрэ. 
 Саха литературатын киэҥ туттар «Тоҕой Сэлэ», «Мэйи Сирэ» романнарын, «Күндэли» сэһэнин, хас да драмалары сурйбута.

  Литературнай тылбааһынан эмиэ дьарыктаммыта. Б.Полевой «Повесть о настоящем человеке», Н.Гоголь «Тарас Бульба», А.Фадеев «Молодая Гвардия» айымньыларын сахалыы саҥардыбыта.

Семен Попов —

Сэмэн Тумат
(1944)


 Кини хоһоонноро аан бастаан 1965 с. «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбыта. «Сылгы кистиир сыһыытыгар» диэн очеркаларын бастакы хомуурунньуга 1981 с. күн сирин көрбүтэ.  Тумат элбэх кэпсээннэри суруйбута: «Муора арыытыгар олох», «Туундара оһоҕо», «Улуу кыыл тыына», «Иэс төлөнүүтэ». 1994 с. Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы олоҕун, айар үлэтин чиничийэн кинигэ таһааттарбыта. 1995 с. Вл.Федоров нууччалыы тылбааһыгар «Остров в белом океане»  диэн кэпсээннэрин кинигэтэ тахсыбыта.

            Тумат хотугу дьон чэпчэкитэ суох олоҕун билэрэ, сыаналыыра кэпсээннэригэр, сэһэннэригэр олус истиҥник уонна арылхайдык ойууланар.

Сивцев Василий Тарасович
(1933)


Хоһоонноро доҕордоһууну уонна киһи ис иэйиитин көрдөрүүгэ туһуланар. Кини сүүстэн тахса сонеттары суруйбута.

В. Сивцев тылбаасчыт уонна критик быһыытынан эмиэ биллэр. 

Василий Сергеевич Соловьев —

Болот Боотур
(1915 — 1993)


  1957с. кимиэхэ да биллибэт автор «Ол күн» диэн поэматынан Октябрьскай революция 20 сылыгар анаммыт республиканскай конкурска иккис премияны ылан, литератураҕа киирбитэ. «Сааскы дьыбардар» романа 1967с. буолбут Октябрьскай революция 50 сылыгар анаммыт конкурска иккис миэстэни ылан, аны прозаик быһыытынан сиппитин-хоппутун көрдөрбүтэ. Айымньы 1971 сыллаахха бэчээттэммитэ. Бөдөҥ айымньытыгар «Уһуктуу» роман-трилогияҕа революция иннинээҕи саха норуотун олоҕун киэҥник сырдаппыта. Трилогия саха литературатын биир улахан ситиһиитинэн сыаналаммыта.

Руфов Семен Титович

(1927)

1955 с. бэчээттэнэр. Хоһооннорун бастакы кинигэтэ «Кэл, олор, кэпсэтиэх» 1959 с. тахсыбыта. Уон хоһоон кинигэлээх, ону таһынан очеркалара, кэпсээннэрэ, ахтыылара, эсселэрэ, рецензиялара хас да кинигэнэн бэчээттэннилэр. Кини поэзията лирическай тосхоллоох, сырдык юмордаах. Эпиграмма маастара. Дьээбэтэ-хообото «Дьээбэтинньик» (1998 с.), «Зыр-зыр» (2002 с.) кинигэлэригэр түмүллүбүт.

С. Руфов талааннаах тылбаасчыт. В. Шекспир сонеттарын, Ш. Руставели «Тигр таҥастаах бухатыыр» поэматын сахалыы саҥардыбытынан киэҥник биллэр. Кини тылбааска ситиһиилэрин «Сулустаах халлаан» (1998) кинигэтэ туоһулуур.

Савва Иванович Тарасов
(1934 — 2010)


  Хоһоонноро республика сурунаалларыгар уонна хаһыаттарыгар 1950с. бэчээттэнэн барбыта, бастакы «Төрөөбүт Сахам тылынан» хоһооннорун уонна поэмаларын сүүрбэччэҕэ» тиийэ кинигэлэри таһааттарбыта, ол иһигэр «На берегах Синэ» уонна «Цветок аласа» хомуурнньуктара нууччалыы тылбаастанан Москваҕа бэчээттэммиттэрэ. Поэт Егор Исаев «Суд памяти», С.Островой «Мама» поэмаларын сахалыы саҥардыбыта. С.Тарасов тылбааһынан театрга В.Шекспир «Король Лир», «Гамлет», «Макбет», Эврипид «Медея» курдук улуу трагедиялара туруоруллубуттара. Поэт үгүс хоһоонноро ырыа буолан көттүлэр. 

Тимофеев Михаил Егорович

(1932 — 2013)

1957 сылтан бэчээттэнэр. 1960 с. «Маҥнайгы хаар» диэн хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта. Төрөөбүт Сахатын сирин, тыйыс тымныылаах Саха сирин хорсун-хоодуот амарах сүрэхтээх дьонун хоһуйар. Сэрии ыар сылларыгар улааппыт бэйэтин көлүөнэтин суруйар. Инники  сырдыкка эрэллээх, баай ис хоһоонноох олохтоох бэйэтин кэмин дьоннорун ойуулуур. Олох, таптал туһунан суруйбут айымньылара ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылаллар.  «Ааныс» диэн хоһоонунан сэһэнэ онегинныы строфанан суруллубута. М. Джалиль, Т. Шевченко, Токтогул, Р. Гамзатов, Монголия, Тува, Индия поэттарын Хотугу норуоттар суруйууларын тылбаастаабыта. Кини хоһоонноро нуучча уонна атын омук тылларынан бэчээттэммитэ.


Петр Николаевич Тобуруокап
(1917 — 2001)  Бастакы хоһоонноро 1934с. «Колхоз суола» хаһыакка бэчээттэнэн бараллар. Саха народнай поэтын хоһоонноро сытыы тыллаахтар, сырдык юмордаахтар, ырыа буолан дьиэрэйэллэр. Кырачаан ааҕааччыларга анаан элбэх хоһоону күн сырдыгар таһаарбыта. Поэт ону тэҥэ улахан лирико-эпическэй айымньылардаах.

Харлампьева Наталья Ивановна

(1952)

 Литератураҕа дьулусханнык киирбитэ. 1975с. бастакы хоһоонноро  «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ, онтон 1976с. бастакы кинигэтэ — «Аэроплан» «Чэчир» кассетаҕа тахсыбыта. Ол кэннэ кинигэрлэрэ утуу-субуу күн сирин көрөн испиттэрэ:  «Дьол сибикитэ» (1981), «Кыһыл ньургуһун» (1986), «Дьэҥкир киэһэ» (1990), «Атырдьах ыйа» (1994),  «Дьол кымыһа» (1999),Дьэҥкир сурук  (2001), «Ночной полет» (1980), «Красный подснежник» (1988).

Василий Семенович Яковлев —

Далан
(1928 — 1996)

 Бастакы айымньыта «Дьикти саас» сэһэнэ 1976с. «Хотугу Сулус» сурунаалга бэчээттэммитэ, 1978с. туспа кинигэ буолбута. Салгыы суруйааччы 1979с. «Аар тайҕам суугуна» диэн айылҕа харытсабылыгар анаммыт сэһэнэ Далан диэн литературнай аат мээнэҕэ ылыллыбатаҕын ааҕааччыларга итэҕэппитэ.

  Талаанын саҥа кэрдиистэринэн саха былыргытын уус-ураннык көрдөрөр историческай хабааннаах айымньылар буолбуттара. 1983с. тахыбыт «Тулаайах оҕо» сэһэнэ кыргыс үйэтинээҕи кэмҥэ Саха сиригэр олорбут норуоттар олохторун-дьаһахтарын көрдөрүү биир чаҕылхай холобура. Суруйааччы бу темаҕа сүрүн үлэтинэн буолбут «Тыгын Дархан» историческай романа 1993с. күн сирин көрөн, ааҕааччылар биһирэбиллэрин, критиктэр үрдүк сыанабылларын ылбыта, республика общественноһын иһигэр киэҥ кэпсэтиини күөдьүппүтэ. Туох да күүркэтиитэ суох бу роман саха литературатын саамай үрдүк ситиһиитэ. «Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын» (1991), «Кынаттаах ыралар» (1988) романнарын, «Дьылҕам миэнэ» (1994) автобиографическай роман-эссетын суруйан ааҕааччыларга хаалларбыта. 

 Кырачаан ааҕааччыларга анаан хас кинигэлээ: «Саха төрдө», «Тэппэй боччумурар».

драматическай айымныьылары эмиэ суруйталаабыта.

uus-uranliteratura.blogspot.com

Ойуунускай туһунан ох тыллар — Сайт sakhatyla!

ОЙУУНУСКАЙ ТУҺУНАН ОХ ТЫЛЛАР

“Былатыан, үөрэнэ сылдьан, олоҥхо-остуоруйа кинигэлэрин булар-талар, үөрэтэр этэ. Кырдьаҕас оҕонньоттор сэһэннэрин, олоҥхолорун эккирэтиһэн туран истэрэ. Аһа-таҥаһа да суох буоллар, онно кыһаммакка, супту үөрэҕин эрэ эккирэтиһэрэ. Улууска суох мааны баай тыллаах-өстөөх уол этэ. Учуутал Маппый Маппыайап: “Чаачар мэйии, киһи эппитин умнубат”, — диэн Былатыаны хайгыырын истэрим”.

Егор Герасимов. Ахтыы. 1964 с.

* * *

“Оччолорго 3-с Дьохсоҕон, Күнээйи нэһилиэктэригэр П.А. Ойуунускайы биир тылынан “Былатыан” диэн ааттыыллара. “Былатыан куораттан тахсыбыт”, “Былатыан кэпсээбит үһү” диэн буолара. “Былатыан” буолла да, Ойуунускайтан ураты кими да ааттаабаттара. Ити аакка дьон кинини ытыктыыра, таптыыра куоластарыгар, тас сэбэрэлэригэр баар буолара.

… Платон Алексеевич унуоҕунан кыра, хатыҥыр, үрүҥ кубаҕай, ыраас дьүһүннээҕэ. Ачыкы нөҥүө сып-сырдыгынан мичиличчи көрөрө, киэҥ-киэҥник хардыылаан хаамара. Кини оҕону кытта, дьахтары кытта дьахтар буолара, ордук кырдьаҕастары кытта тапсан кэпсэтэрэ.

… Сотору буола-буола мунньахха ыҥырыллан барара: Тезистээх буоларын көрбөт этим.

… Саахымакка миигин кыһытан-абардан үөрэппит маҥнайгы учууталым Платон Алексеевич буолар. … Кини хоһугар көҥүл сылдьарым, суруйарын кэтээн көрөр да этим. Остуолун уҥа өттүгэр лиис аҥардаах ыраас кумааҕы сытарыттан ылан, тохтоло суох суруйан сырылатара. Тыла-өһө өйүгэр бэлэм буолар быһыылааҕа, толкуйдуу олорорун олох өйдөөбөппүн. Сотору буолаат, лиис аҥарын биир сирэйин суруйан бүтэрэ охсон, остуол хаҥас өттүгэр ууран иһэрэ. Кини хоһоону итинник түргэнник суруйарын ол күнтэн билигиҥҥэ диэри олус сөҕө саныыбын”.

Т.С.Таппыров. Ахтыы. 1972 с., Чөркөөх.

* * *

“Үһүс көрүүм 1924 с. этэ. Убайым Бүөтүрү (Петр Васильевич Афанасьев. — В.П.) кытта үөрэнэ диэн Дьокуускайга барсыбытым. Чурапчыга биир улахан балаҕан дьиэҕэ тиийбиппит. Платон Алексеевич кинигэ ааҕа олорор эбит. Миигин көрө түһээт: “Бай, Уйбаан уол кэлэн турар эбит дуу, бу ханна баран иһэрий, улааппыт”, — диэн баран кэлэн, үрдүбэр түһэн, кумалаабытынан барбыта. Өйүүнүгэр үһүө буолан, паара атынан аара үс хонон куораты булбуппут. Платон Алексеевич аара, айаннаан иһэн, тэлиэгэҕэ сытан эрэ сахалыы ыллыыра. Онон айаммыт уһунун билбэт этибит”.

И.Н.Афанасьев. Ахтыы. 1973 с., Чычымах.

* * *

“Платон Алексеевич билбэт киһитин кытта соччо түргэнник кэпсэтинньэҥэ суох курдук эрээри, билэр дьонугар бэрт эйэҕэс, күлэр-салар, оонньуулаах киһи этэ. Дьүһүнэ даҕаны (ордук харахтара) сүрдээх кэрэ, дьикти этилэр. Онтуката ити хаартыскаларыгар букатын тахсыбатах эбит. Биирдэ издательствоттан биир дьахтар үлэлии олордохпутуна киирэн: “Айунский где здесь живет?” — диэн ыйыппытыгар өрө көрө түспүтэ. Онуоха дьахтара кэннинэн тэйдэ. Мин муодаргыы санаатым. Икки-үс хонон баран буоллаҕа буолуо, аны биир оҕонньор ол издательствоттан кэлэн, били тылбааспытыгар эмиэ үлэлии олордохпутуна, киирэн: “Кто здесь Ойунский?” — диэтэ. Киһилэрэ өрө көрө түспүтүгэр оҕонньор эмиэ кэннинэн тэйдэ. Мин итини дьиибэргээбитим — киһим соһуйан өро көрөн таһаардаҕына, үс муннуктаах сырдык саһархай харахтара тырымнаһа түһэллэр эбит этэ. Мин ити кэмҥэ Ромен Роллан “Микеланджело, Бетховен, Толстой” диэн сүүнэ үлэтин ааҕа сылдьарым. Кини онно Лев Толстой сирэйэ-хараҕа уларыйарын туһунан суруйбут этэ. Онтуката санаабар хаалан, биирдэ Платон Алексеевичка: “Дьиибэ да харахтаах киһигин”, — диэтим. “Ол хараҕым хайдаҕый?” — диэтэ. Онуоха мин: “Киһи хараҕыттан туспа харахтааххын”, — диэтим. Киһим: “Киһи хараҕын курдук буоллар ордук буолуо эбит дии, дыҕаар”, — диэбитэ”.

А. Мординов. П.А. Ойуунускай мин санаабар уонна сүрэхпэр мэлдьи тыыннаах. Ахтыылар. 1993 с.

* * *

“Ойуунускай таҥараны, абааһыны бэйэтэ итэҕэйбэтэҕин да иһин, айылҕаттан талаана бэрт буолан, кини айымньыта норуотун олоҕуттан, кини ойо-санаата сайдар сокуонуттан туораан тахсыбатаҕа”.

А.Е. Мординов. Революция саллаата уонна ырыаһыта. 1963 с.

 

САЛАЙААЧЧЫ БЫҺЫЫТЫНАН

“Платон Алексеевич Ойуунускай саха норуотун куолаһа уонна киэн туттуута буолара. Эгэлгэ өрүттээх ураты талаан, норуот олоҕун дириҥник билии Ойуунускайга бэйэтин кэмигэр төрөөбүт норуотун историческай дьылҕатын ордук бөдөҥ проблемаларын таба бэлиэтии көрөр кыаҕы биэрбиттэрэ. Кини киэҥ дууһалаах, үтүө сүрэхтээх, ырааҕы көрөр өйдөөх киһи этэ. Баай ис хоһоонноох, бөдөҥ общественнай событиелардаах олоҕор бэйэтин идеалын иһин дохсун политическай охсуһуутугар кини үгүс үөрүүнү уонна хомолтону көрбүтэ. Ол гынан баран кини төрөөбүт норуота инники кэскиллээҕэр бигэтик эрэнэрэ.

Кини сырдык мөссүөнүн махталлаах төрөөбүт норуота илдьэ сылдьар.

П.А. Ойуунускай автономнай республиканы — Ленскэй кыраай нэһилиэнньэтин бүтүннүүтүн киэҥ өйөбүлүн ылбыт Саха сирин историятыгар бастакы государствоны — тэрийии идеятын автордарыттан биирдэстэрэ. Биллэрин курдук, республика хайыы-үйэ 20-с сылларга бэйэтин государственнай экономическай уонна культурнай сайдыытыгар боччумнаах ситиһиилэрдэммитэ.

П.А. Ойуунускай, кини соратниктара автономнай республиканы биллэрии Саха сирин норуоттара экономическай, политическай уонна духовнай өттүнэн сайдыыларыгар модун төһүү буоларын өйдүүллэрэ, бу дьиҥнээх уларыта тутуу саҕаланыыта эрэ буоларын үчүгэйдик билэллэрэ”.

М.Е.Николаев. П.А. Ойуунускай уонна билиҥҥи кэм. 1993 с.

 

СУРУЙААЧЧЫ БЫҺЫЫТЫНАН

“… Аҥардас литературнай айымньы да өттүнэн П.А.Ойуунускайга чугасаһар киһи саха литературатыгар күн бүгүнүгэр диэри үүнэ-үөскүү илигэ биллэр. Оттон биһиги, кинини кытта литератураҕа бииргэ сылдьыспыт суруйааччылар ортобутугар кини — уонча иринньэх титириктэр үрдүлэринэн сабырыйа наскылдьыйбыт баай лабаалардаах баараҕай тииккэ маарынныыр этэ.

… Биһиги өссө үүнэн-сайдан истэхпит аайы, кини геройдуу олоҕун, кини кэрэ айымньытын өйдүүрбүт, ытыктыырбыт, таптыырбыт, онтон үөрэнэрбит-иитиллэрбит өссө ордук дириҥээн иһиэҕэ”.

Амма Аччыгыйа. П.А.Ойуунускай туһунан. 1963 с.

 

* * *

„Биирдэ, чэйдии олорон: “Кулакуоскай биһи икки — биирбит өллөҕө, биирбит кырыйдаҕа. Оҕолор, биһигини бостуой тыытаҕыт, эдэрдэр үчүгэйи айыҥ ээ”, — диэн баран, мин диэки сүрдээх сэнээбит хараҕын өйдүүбүн — убайбын! Серафим биһи икки, кырдьык, оҕолор этибит. Улаатыахпыт диирбит. Ким билэр…

Кини эмиэ бар дьон хоһоонуттан — фольклортан тэриллэн барбыта (“Кыыллар мунньахтара”), онтон “Дирбиэн-дарбаан күннэргэ” диэн бассабыыктыы өргөстөөх ырыаны ыллаабыта. Бу ырыаны кини атыттар курдук силин оймоон суруйбатаҕа, сүрэҕин тэбиитин доҕуһуоллаан суруйбута чахчы.

Ойуунускай оскуолатын уота бэйэтин сүрэҕин уота умулуннаҕына даҕаны — умуллуо суоҕа!”.

Амма Аччыгыйа. Мин эмиэ этиим — биэс тылла аҕалыҥ.

“Эдэр бассабыык”, 1930, 20. 05.

 

* * *

“Платон Алексеевич улуу талаанын биир саамай уһулуччулаах уратыта — кини уус-уран тылыгар буолар.

… Тыл ууһугар умсугуйуута суох, тыл күүһүнэн үлүһүйүүтэ суох — поэзия суох. Поэзия имэҥин, поэзия илбиһин, поэзия иччитин баай тыл, уус тыл, кэрэ тыл үөскэтэр-төрөтөр кыахтаах. Дууһа чуумпутун долгутар тыалы түһэрэр, сүрэх уотун уматар кыымы саҕар айымньылар айыллар биир сүрүн кистэлэҥнэрэ итинник.

… Платон Алексеевич Ойуунускай биэс тус-туспа хоһоонноруттан холобурдары аҕалтаатым. (…) Айымньылар бука бары биир уопсайдаахтар — ол тылларын баайа, тылларын ууһа, кэрэтэ. Бу быстах строкаларга кэрэтик иһиллэр үөрэ-дьүөрэ тыл, уус киһи устурууһунан анньыбытын эбэтэр сытыы быһаҕынан быспытын курдук, аһары үчүгэйдик нарыламмыт, чочуллубут дорҕоон хайдахха дылы дэлэйий-элбэҕий! Киһи, ааҕан иһэн, ханна да бүдүрүйэн тохтообот, кэлэҕэйдээн иҥнибэт, барыта эриэ-дэхси, орун-оннугар, тылтан тыл төрөөн, бэйэтиттэн бэйэтэ тахсан иһэр. “Уу сүүрүгүн курдук суккуллар тыл”, “устар ууну сомоҕолуур уус тыл” диэн итинниги эппит быһыылаахтар.

… Биһиги ийэ тылбыт — саха тыла — киэҥ, дириҥ, муударай ис хоһоонноох, хомоҕой-ньымсаҕай, имигэс формалаах, бэрт баай-дэлэй өҥнөөх-кырааскалаах, сүрэҕи өрүкүтэр, дууһаны долгутар, өйү үлүһүтэр күүстээх-кыахтаах, имэҥнээх-илбистээх, кэрэ-дьикти тыл! Саха тыла итинник буолуутугар П.А. Ойуунускай үтүөтэ-өҥөтө уһулуччу улахан.

Ойуунускай саха норуотун улуу поэта, саха уус-уран тылын улуу маастара. П.А. Ойуунускай литератураҕа, тылга — биһиги национальнай киэн туттуубут!”.

Күннүк Уурастыырап. Уран тыл улуу маастара. 1973 с.

 

* * *

“Эпос — это та живая вечная благодарная почва, на которой вырастает письменная литература. Жизнь литературы — вся в истоке из эпоса, во взаимосвязи с ним, в корнях. Мера отдаления и мера приближения к эпосу — мера подлинности современной лирики.

“Ньургун Боотур Стремительный” — поистине долгожданный и желанный гость! Вникая в мощные строки, полные необходимой первозданной энергии, здоровой естественной красоты, — невольно ощущаешь известное одеревенение собственного затылка, уставшего от монотонного шелестения текущей стихотворной продукции — массы внешне пестрых, внутренне инертных и одноликих поэтических брошюр… И какую ясность, какую силу несут стремительные картины олонхо! Какой мощи исполнены чувства героев, какого действительно космического масштаба их страсти!

… Вот слово, очищающее от налета обыденности и святые понятия — родина, свобода, верность, красота, любовь!

… Вчитываясь в строки олонхо, чувствуешь — насколько окоченела хребтина духа от следования мелким и ленивым псевдодуховным движениям, вяло воссоздаваемым в иных современных стихах.

В олонхо даже от помысла героя земля расплескивается, как вода в берестяном ковше!”.

Александр Плитченко. Небесный свод эпоса. 1977 г.

 

* * *

«… Несколько слов о метафорах Ойунского. Метафор у Ойунского мало. Они в большинстве случаев дают читателю абстрактные образы. Революция в метафорах поэта — это: “силлиэлээх холорук” (ураганный вихрь), “сата-буурай” (буря), “көмүс солону көмүү” (похорона золотого чина), “кырыыс баһын быһыы” (отрубление головы гнету). Капитал и его гнет — это: “хара хаан олбохтоох” (чернокровавая жизнь), “хабала дьайа” (нечистая, скверная кабала), “баай-бампыыр” (богач-вампир), “хаан-салыҥ быа” (кроваво-слизистая веревка), “хааҕыргыыр хара суор”, “чээкэй” (черт, выпивающий человеческое зрение), “моҕой”, “эриэн кыыл” (змея). Герои революции — это: “өлөртөн куттаммат өрүөллэр”. Завоевание революции — это: “тэмтэрий-бэт саргы”, “өлбөт төлөн өрөгөй”.

(…) У Ойунского обилие эпитетов. Для поэта день революции — это: “тибиилээх-тиһиктээх күн”, “көҥүл — дохсун күн”, “дорҕоон-долгун күн”. Мир — это: “кырыыстаах сир”, “алдьархайдаах аан дайды”. Отвлеченным понятием поэт дает такие эпитеты: “илбистээх үөрэх” (боевая наука), “аан-дархан андаҕар”, “улуу-хаан иэс”, “уот-төлөн күүс”, “саталаах санаа”.

Ойунский широко пользуется приемом повтора, тавтологии, подкрепления эпитета эпитетом. Обилие этих приемов часто приводит поэзию к ненужной риторике. Так же много у Ойунского слов синонимов и обычных повторов. Однако эти синонимы и повторы, придавая стихам Ойунского большую звучность и музыкальность значительно снижают ритмичность и динамичность его поэзии”.

С. Кулачиков-Элляй. Поэт победоносной пролетарской революции.

Социалистическая Якутия, 1934, 08.04.

 

* * *

“Хайа баҕарар норуокка кини туох-баар үтүөтүн, үчүгэйин, кэрэтин — өркөн өйүн, самныбат санаатын, чаҕылхай талаа-нын, сырдык ыратын, холобура суох хорсунун, модун волятын иҥэриммит уһулуччулаах дьон баар буолаллар. Оннук дьоннор, үгэс курдук, общество сайдыытын ураты бэлиэ кэмнэригэр, норуот күүһэ муҥутуурдук тыыллар мүччүргэннээх күннэригэр чаҕылҕан кэриэтэ күлүм гынан ааһааччылар (киһи үйэтэ диэн, төрдө-төбөтө биллибэт историяҕа холоотоххо, чыпчылҕан түгэнэ буоллаҕа…)

Ити уһулуччулаах дьоннор уһун дуу, кылгас дуу олохторун усталаах туоратыгар бары өйдөрүн-санааларын, кыахтарын-дьоҕурдарын, күүстэрин-күдэхтэрин төрөөбүт бар-дьоннорун, иитиллибит Ийэ сирдэрин туһугар анааннар, үтүмэн үгүс үлэни үлэлээннэр, киһи сөҕөр күчүмэҕэйдэрин туорааннар, атын ким да кыайбатын кыайаннар, ама киһи айбатын айаннар, бэйэлэрин норуоттарын символа, албан аата, киэн туттуута буолаллар. Биир кэмҥэ үөскээбит дьонноро эрэ буолбакка, кэнэҕэски көлүөнэлэр бүтүннүүлэрэ кинилэргэ сүгүрүйэллэр, кинилэр ааттарын ааттаабытынан күн сырдыгын көрөллөр. Оттон атын норуоттар бу норуоту, бастатан туран, кинилэринэн сирэйдээн билэллэр, кинилэринэн холоонноон өйдүүллэр.

Саха норуотугар биир оннук киһи Платон Алексеевич Ойуунускай буолар.

Софр. П. Данилов. П.А. Ойуунускай — саха норуотун улуу уола. 1993 с.

 

* * *

“Саха былыргы историялаах омук: былыргы ырыалаах-олоҥхолоох, былыргы остуоруйалаах, былыргы ойууннаах-удаҕаннаах, былыргы оһуордаах-мандардаах омук.

П.А. Ойуунускай эмиэ “былыргылаах” киһи: олоҥхолоох-ойууннаах, силлиэлээх-холоруктаах, уоттаах улуу модун санаалаах, сиэллээх-кутуруктаах сиэдэрэй тыллаах суруйааччы. Саха былыргы сайдыылаах культурата кини өйүгэр уонна тылыгар букатын эрдэ киирбит киһитэ.

“Өксөкүлээх үйэтин” кэнниттэн саха литературатын историятыгар туспа этап буолан “Ойуунускай үйэтэ” (эпоха Ойунского) кэлбитэ. Ойуунускай — литература саҥа оскуолатын аспыт киһи. Бу оскуола айар идэ үйэлэри уҥуордуур үтүөкэннээх үгэстэрин биэрбитэ.

Ойуунускай биир айымньыга Ырааҕы-Чугаһы иккиэннэрин холбуу тутан, Олох туһунан бүтүн өйдөбүлү хаалларар угэһи олохтообута.

Ойуунускай — Аан дойду Саныыр Санаатын ат гынан мииммит киһи. Кини дэлэҕэ даҕаны этиэ дуо:

“Ким — саныыр санаатын саргы иннигэр,

Кырыыска ылларбыт кыра дьонун

Өлбөт-өрогөй өйүн сырдатан,

Өрө көтөҕөн, ыллыгын ыйбыт,

Өркөн-төлөн илбистээх идэнэн

Өлбөт-өрөгөй тылын тыыннаабыт,

Айар санаатын күүһүн көрдөрбүт —

Аан дайдыбар аата ааттаныа дуо?!” — диэн.

Ойуунускай айымньыларын уус-уран күүһэ — тылын ууһугар, образтара сахалыы чаҕылхайыгар. Бөлүһүөк поэт санаата, тыла “чаҕылҕан курдук күлүмнүүр, этиҥ курдук ньирилиир”, кини өйө “барыны барытын — Суохтан ыла Суоҕу — тобулу көрөр‟, “үчүгэйи-куһаҕаны тэҥҥэ сырдатар”. Ойуунускай айымньыта барыта — оннук дириҥ өйдөөх, хатан-хабараан тыллаах айымньы буолан иһэр.

Улуу Кудаҥса, Иирбит Ньукуус, Бассабыык Мэхээчэ, Кыһыл Ойуун охсуһуулаах одун олохторо уот-сиэмэҕэ кубулуйан, орто дойдуга олорон хаалар… Итинник дьылҕа, итинник дьүһүн кубулуйуу, арай, былыргы грек омук мифтэригэр, саха (атын да омук) олоҥхолоругар, Данте улуу комедиятыгар («Божественная комедия”), П.Б.Шелли 19-с үйэ аатыттан суруйбут “поэтическай көрүүлэригэр” (“Лаон и Цитна”, “Царица Маб”, “Демон мира”, “Освобожденный Прометей” диэн поэмаларыгар) бааллар. Онно бааллар улуу түмүктээһиннэр, ой уонна фантазия кэрэттэн кэрэтэ, күүстээхтэн күүстээҕэ! Оннукка тэҥнээх улуу уус-уран образтары биэрбитинэн Ойуунускай, ону кытта тэҥҥэ бүтүн саха норуотун аата-суола үрдүүр!

Улуу айымньылар биир түгэҥҥэ ананан суруллубаттар, кинилэр көтөхпүт проблемалара араас кэмҥэ, араас оҥүнэн оонньоон, үйэлэр тухары бар дьон эрэйин чэпчэтэр, санаатын күүрдэр үтүө сүбэһит буолаллар. Ойуунускай өйүн-көрүүтүн олорбут кэминэн муҥурдааччылар кини айымньыларын уһук-мындаа салааларын эбэтэр тиийэн өйдөөбөттөр, эбэтэр кини олоҕор, өйүгэр-санаатыгар батаран сыһыарбаттар. Кини олоҕу, искусствоны кэскилин корон, киэҥник өйдөөн суруйара. Холобур, “Улуу Кудаҥса”, чуолаан, личноска сүгүрүйүү кэмин да, содулларын да көрдөрбөт, сүрүн тосхолунан Киһи — өйүн күүһүнэн Айылҕа кыһарҕаннарыттан (эрэйтэн-муҥтан, өлүүттэн-сүтүүттэн) тахсар аналын этэр айымньы. “Александр Македонскай” диэн кэпсээн — Өй (Үтүөнү, Кэрэни төрүттүүр Киһи Өйө) уонна Күүс (алдьатар, өлөрөр, умсарар Дьаллык) икки ардыгар мөккүөр киһи-аймаҕы туохха-туохха тиэрдиэн сөбүн туһунан кэпсээн.

Ойуунускай ойуун төрүттээх киһи. “Хараҕа уоттаах этэ” — дииллэр. Хараҕа эрэ буолбатах, өйө эмиэ сытыыта бэрт буолан, эппит этиитэ, суруйбут суруга барыта уот салаан эрэрин курдук өрө бачыгыраан олорор!.. Иһигэр “уоттаах” (иччилээх, абааһылаах) айымньылары биэрбитинэн Ойуунускай талаана уратылаах. Хомуһуннаах тыллаах поэттар сахаҕа тарбахха баттанар аҕыйахтар. Ойуун тыла — кырыыс, алгыс тыла. Ол эрээри Ойуунускай наар кыраан-таныйан эбэтэр наар алҕаан-айхаллаан суруйбатах поэт. Кини, наада буоллаҕына, саха тылын бары кыаҕын туһанан, нарынтан нарын, истиҥтэн истин, сылаас-сымнаҕас иэйиини уһугуннарар тыллары сатаан наардыыра:

Киэҥ халлаан,

Киэл халаан

Килбэйэр

Киинигэр

Килбэҥнээн,

Килэҥнээн,

Күлэн

Күн

Күн да күн

Сырылатан,

Сырбатан!!!”.

В.Н. Протодьяконов. П.А. Ойуунускай айымньыларын уус-уран күүһэ. 1993 с.

 

ОЙУУНУСКАЙ БИИРДИИЛЭЭН АЙЫМНЬЫЛАРЫН СЫАНАЛААҺЫН

“БЫРАСТЫЫ” (ХОҺООН)

“Бу хоһоон ис санаата дириҥин, баайын сөҕүөххэ эрэ сөп. Манна нарынтан нарын лирика тыйыстан тыйыс политиканы кытта, олөр туһунан мунчаарыы олох үөрүүтүн кытта, туе бэйэ эриирдээх санаатын уопсай туһаҕа үлэлииргэ бэриннэрэн, коммунизм улууканнаах сырдыга илэ сыдьаайарын иһин уҕарыйбат охсуһууга эҕиритэн аҕалан холбооһун бэйэ-бэйэлэрин кытары биир буола хатысыһа сайдан бараллар…”.

Семен Руфов. Үрдүк иэйиилээх хоһоон. 1968 с.

 

“АЛЕКСАНДР МАКЕДОНСКАЯ” (КЭПСЭЭН)

“Бу — элбэх философскай санаалар хос-хос үрүт-үөһэ дьап-талаһа кыстаммыт дьиктилээх айымньылара. Литература ис-кусствотын маннык үрдүк чыпчаал айымньыларын киһи хаһан да биирдэ ааҕан кэбиспэт эбит. Оҕо сылдьан, орто сааскар сылдьан, сааһыран-сабаҕатыйан олорон ааҕыталаатаххына, мэлдьи оссо дириҥээн, өссө атын-атын саҕахтара арыллан иһэр. Өссө ону таһынан маннык айымньы сааскыттан тутулуга суох, ааҕааччы бэйэтэ туох киһи буоларыттан тутулуктанан, араас-араас кырыытыттан, атын-атын хараҕынан көрбүтүн иһин, куруутун кэрэтик, атыннык көстөн иһэр.

Бу кэпсээни тыл кэрэтинэн үлүһүйэр киһи аахтаҕына саха тылын көмүөлүн күүһүн, баһырхай баайын, имигэһин-хомоҕойун, нарынын-уранын, дириҥин-нүһэрин сөҕөн-махтайан астыныаҕа, онуоха ылларыаҕа. Литератураны чинчийэр киһи норуот номохторун уус-уран айымньыга хайдах сатабыллаахтык туттуохха сөбүгэр дьоһуннаан тохтуоҕа; айымньы темата, идеята, сюжета, о.д.а. дьүөрэлэһэрин үөрэтээри гыннаҕына — эмиэ баай кылаакка түбэһиэҕэ. Эдэр киһи элбэх моральнай уруоктары ылыаҕа, эмэн киһи өссө түгэхтээхтик толкуйдуурга баҕарыаҕа…

Александр Македонскай Мидия саарыстыбатын самнаран, өрөгөйдөөн туран, билиэҥҥэ ылыллыбыт, атаҕар хандалылаах, баһыгар бакаайылаах Солон ыраахтааҕы иннигэр имэҥирэн-илбиһирэн, ииримтийэн туран, хааннаах батаһын батары быраҕан баран: “Таай!” — диэн хаһыырар… Онуоха даҕаны ол муударай кырдьаҕас, сордоно-муҥнана, өлөр чыпчылаҥын күүтэ-билэ да турдар, сырдык өйүн ыһыктыбат, кини этэр:

— Ити дуо?.. Ити күүстээх — дьоло, өйдөөх — соро!..

Хайдахтаах курдук этиҥ саалларын, чаҕылҕан курбуулуурун курдук тылларый! Оо, кырдьык диэн күүстээх даҕаны!

Кэпсээн төһө да кыа хаан, кыынньар уот төлөнө кырааскаларынан суруллубутун иһин сөҕүмэрдээх сырдык тыыннаах, үрдүк өйгө уруй этэр, өрөгөй тардыһар күн идеялаах”.

Петр Тобуруокап. Өрөгөй тардыһар үрдүк идеялаах. 1983 с.

 

“КЫҺЫЛ ОЙУУН” (ОЛОҤХО-ТОЙУК)

“В свое произведение автор вложил следующее: в мире существуют две борющиеся силы — Время и Личность. Время — чисто стихийная сила, которая творит и разрушает бессознательно, благодаря чему происходит на Земле весь гнет и все насилие, происходят все земные несправедливости. Личность — это совершенно другое начало, начало творящее и разрушающее, но — сознательно. Наступит момент, когда Личность, борющаяся с Временем, победит и установит всякое Благо и Справедливость.

К этому выводу шаман пришел постепенно. Сначала он думал, что причина всех зол — это Орос-Бай, являющийся воплощением капитала. Он думал, что, уничтожив Орос-Бая, он уничтожит земное Зло. Но он ошибся. Несмотря на то, что он убил Орос-Бая,

Зло продолжало существовать. После этого он приходит к убеждению, что для того, чтобы уничтожить Зло необходимо устранить слепую стихийную силу — Время. И в этом он окончательно убеждается после того, как на его вопрос, обращенный ко Времени: знает ли оно то, что делает, последнее ответило отрицательно. Тогда он предвещает миру, что Личность победит Время и установит вечное Благо”.

Литературно-художественный вечер. // Красный Север, 1920, 11.06.

 

* * *

“Слепцов-Ойунский — писатель совершенно другого направления и настроения: (…) Его “Красный шаман” говорит: “На протяжении всей земли-матери распространилась злоба, и жизнь стала невыносимой. Кто не плакал кровавыми слезами, кто не впрягся в ярмо кабалы? Беды-несчастья неисчислимы, горе-печаль неисчерпаемы. В кровавую пасть преисподней, в вихре черной нужды с песнями полными стона, со смехом сквозь слезы, как тени, ввергаются люди. Где же вечный творец миро-воздания? Его нет — он миф. Творцом всей жизни на земле является сам горемычный человек, в то же время неописуемо великий”. Далее он произносит клятву в том, что отрекается от веры в сверхъестественные силы, от упования на предопределение судьбы, надежды на Бога, так как убедился, что Вселенная образовалась сама собой в течение огромного периода времени, что только двуногий человек является творцом своей судьбы, что только он один творец и бог. Он предсказывает, что скоро горемычный двуногий одержит победу над произволом и насилием, тогда воцарится на земле счастье, не будет обиженных и угнетенных, богатых и бедных”.

Кюлюмнюр. Литературное творчество якутов. 1923 г.

 

* * *

“Биһиги тойонноотохпутуна, поэт “Кыһыл Ойууҥҥа” киллэрбит түмүк санаата маннык. Баай-тойот үөрэхтээхтэрэ урукку өттүгэр: көр, бу орто дойдуга дьоллоох олох, дьоллоох киһи баар диэн этэллэрэ, ол сымыйа, орто дойдуга билигин дьоллоох Олох, дьоллоох Киһи суох диир. Кини көрдөҕүнэ, киһи билигин бэйэтин олоҕун өйүн күүһүнэн кыайан оҥостубат, оҥостуоҕун да сатаммат. Ол поэт санаатынан, киһи өйө олохтон тутулуктааҕын быһыытынан олох салаллыытын хоту кини сайдарыттан буолуохтаах (бытие определяет сознание) … Ити өлөн эрэр үйэҕэ Киһи өйүн күүһүнэн бэйэтин олоҕун кыайан оҥостубат эбит буоллаҕына, үөскээн эрэр үйэҕэ Киһи өйө Олох тутулугуттан төлөрүйэрин быһыытынан, Дьоллоох Олоҕун бэйэтин өйүн күүһүнэн салайыахтаах. Оччоҕо, поэт санаатынан, урукку өттүгэр “күлүк” буола сылдьыбыт киһи, өлөрүттэн тиллэрин кэриэтэ, күүһүрэн-уоҕуран тахсыахтаах. Ол иһин Кутурҕан Куо (воплощение закона истории):

Икки атахтаах тилиннэ!

Икки атахтаах тилиннэ!

Өлөрү өйүнэн кыайда,

Өлөртөн өлбөт буолла! — диэн Кыһыл Ойууҥҥа эрэннэрэр”.

В.Н.Леонтьев. Ойуунускай “Кыһыл Ойууна”. //Чолбон, 1927 с., 3, 4 №, 40—63 сс.

 

* * *

“Красный Шаман в такой же мере не является шаманом, в какой Демон, Мефистофель или Люцифер — просто злыми духами, чертями или падшими ангелами.

(…) Они (две эпохи — В.П.) не имеют каких-либо конкретных хронологических границ и не представляют собой определенных периодов общественной истории. Это лишь условные границы времени действия идеи произведения. “Старая эпоха” характеризуется как время безраздельной власти гнета и насилия, а “новая эпоха” — “железный век” — это период непримиримой, ожесточенной борьбы со старым миром, с миром социальной несправедливости. В этой борьбе и в вере в победу — весь смысл жизни. Такова идея “Красного Шамана”.

Г.М.Васильев. Об одной тетради П.А.Ойунского. 1974 г.

 

* * *

“Аан дойду норуоттарын итэҕэлэ Таҥара обраһыгар түмүллэн, араас Библия, Коран кинигэлэригэр, Конфуций, Будда үөрэхтэригэр киирбитэ. П.А. Ойуунускай “Кыһыл Ойуун” драмата — хабар иитэ киэҥинэн, ойуулуур кэмэ, миэстэтэ бүтэр уһуга суоҕунан, идеята Киһи уонна Айылҕа, Өй («Үрдүк материя”) уонна Стихия сыһыаныгар тахсарынан — Библияҕа тэҥнээх айымньы.

Бу айымньы, сүрүн-үөс санаалара тааллыбытын иһин, син эмиэ религия (итэҕэл) курдук, ханнык да үөрэххэ, схемаҕа киирэн

быһаарыллыбат, ис-дириҥ кистэлэҥ санаалардаах айымньы. Ол иһин судургу өйдүүргэ олус ыарахан буолан, элбэх мөккүөрү тардыбыта.

Бу айымньы сүрүн үөс санаата диэн биир — Икки Атах Өйүнэн тиллиэҕэ — “өлөртөн өлбөт буолуоҕа”, Айылҕа күүһүн баһылыаҕа — “алгыстаах олоҕу аҕалыаҕа” диэн.

Оннук олоххо кини, маҥнайгытынан, эрэйи-муҥу кыайдаҕына, ол аата “батталлаах олох баайдардыын бараннаҕына, кыргыһыылаах олох кырыыстыын кыйданнаҕына”, “Сир ийэ хотун сирэйиттэн сидьиҥирбит сигилитэ сиппилиннэҕинэ” (“Туруҥ, туруҥ, туойуҥ!”) — тиийиэҕэ диир Ойуунускай; иккиһинэн, Икки Атах, Киһи өлөр аналтан таҕыстаҕына, ол аата — Наука (киһи өйө) Стихия уһук сокуонун буллаҕына, Киһи олоҕор Айылҕа өттүттэн күүтүллүбэтэх алдьархай күөйэ-күөнтээн кэлэрэ тохтоотоҕуна, атыннык эттэххэ, Киһи “өйүнэн өлорү кыайдаҕына” — дьэ оччоҕо Күннээх Көҥүл олох орто дойдуга биир тэҥник дэлэччи сатыылыаҕа диир — “аан дойду саныыр санаата” Кутурҕан Куо.

Бу айымньыга илэ охсуһуу суох. Икки үйэ “өлүөхтээҕэ” ойуун көрүүлэнэринэн бэриллэр. Автор айымньы ис хоһоонун кырыыс уонна алгыс тылынан арыйар. Ойуун “өлөн” өс-саас, өһүөн-мөккүөр (охсуһуу) символыгар кубулуйар. Онон Кылыс (Болот) уонна Хатан Тэмиэрийэ образтара Кыһыл Ойуун күүрээннээх олоҕун салгыыта, кини иккис олоҕо буолан, орто дойдуга оҥоһуллан хаалаллар”.

В.Н. Протодьяконов. Ойуунускай бөлүһүөк суруйааччы.

— Көр: П.А. Ойуунускай айар үлэтигэр бэлиэтээһиннэр.

Дьокуускай, 1993, сс. 14—19.

 

* * *

“Кыһыл ойуун” олоҥхо-тойук ис хоһооно хас да араҥалаах. Олортон биирдэрин төрүт араҥа диибин. Поэт тугу этиэн баҕарбыта — ити төрүт араҥа.

Төрүт санаа. Поэма ис хоһооно биир түмүккэ тиэрдэр — киһи көҥүл буолуохтаах диэн:

Икки атахтаах тилиннэ!

Икки атахтаах тилиннэ!

Өлөрү өйүнэн кыайда,

Олортон өлбөт буолла.

Биллэн турар, бу идея Карл Маркс научнай коммунизмын саамай сүрүн өйдөбүлэ буолар.

Киһи көҥүл буоларын иһин баай былааһын суох оҥоруллуохтаах эбит:

Баайдарын барыкка тэбэр

Батталларын барыыр,

Дүрбүөннээх дүҥүр дүрбүйдүн,

Дүрбүөн сата турдун!!! — диэн сорук турар. Бу өй-санаа эмиэ “Капиталга” этиллибит кылаассабай охсуһууну көрдорор. Охсуһуу хайдах барыахтааҕа эмиэ дьэҥкэ. Кыһыл Ойуун быһатын маннык алгыыр:

Хара дьайданаар, хаан олбохтоноор,

Тойоттон толлумаар, баайтан бахтымаар,

Тоҕута көтөөр, тоһута охсоор.

Бу тыллартан кылаассабай охсуһуу сэриинэн барыахтааҕа уонна баай, тот кылааһы суох гыныахтааҕа өйдөнөр. Утарар бөлөҕү имири кырган туран кыайарга дьулуһууну билигин саамай уһук экстремизм диэн ааттыыллар. Большевиктар ити суолу батыспыттара. Онон “Кыһыл Ойууҥҥа” политическай экстремизм биир саамай уһук көстүүтэ — большевизм идеята сүрүн санаа буолбут эбит.

“Кыһыл Ойуун”, биллэн турар, сүдү айымньы. Бу айымньы биһиги олорон ааспыт олохпут кэрэһитэ, “большевизм” биир саамай чаҕылхай өйдөбүнньүгэ. Саха ааҕааччыта бу айымньыны билиэхтээх, бүтүн хас да көлүөнэ дьон туох туһугар олорбуттарын билэр туһугар. Бу айымньыны саха ааҕааччыта сэрэтии курдук билиэхтээх: буккулла сылдьыы, төбөнү сүтэрии, политическай экстремизм туоһутун быһыытынан.”

Тэрис. “Кыһыл Ойуун” туһунан. //Сахаада, 1994, 11.08.

 

* * *

“Известно, что в истории мировой литературы провозглашались лозунги типа “Назад к Шекспиру!”, “Назад к Толстому!”, даже “Назад к Мафусаилу!”. Они были связаны, как правило, с кризисными явлениями. Мы называем статью “Вперед, к Ойунскому!” не ради оригинальничания. Прошедший юбилей П.А. Ойунского показал, что сегодняшняя якутская литература в ряде моментов еще не достигла художественного уровня его произведений. Теоретическое же осмысление его требует большей глубины, в отдельных случаях — пересмотра исходных позиций в соответствии с современной научной мыслью.

А в вопросах организационного порядка, консолидации усилий в решении задач дня, направления возможностей писателей для достижения общей цели еще предстоит дойти до организационных и творческих принципов Ойунского.

В этом смысле и применяется призыв “Вперед, к Ойунскому!” как к желанной высоте, а не к пройденному, так сказать, пути, которому соответствовал бы лозунг “Назад, к Ойунскому!”.

И.Г. Спиридонов. “Вперед, к Ойунскому!” //Республика Саха, 1994, 21.05.

 

ЛИТЕРАТУРА: 

Саха суруйааччылара (санаалар, этиилэр). Учууталга, студеҥҥа көмө пособие. Хомуйан оҥордо В.Н. Протодьяконов, СГУ доцена. — Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1994. — 108 с.

www.sakhatyla.com

Урок по родной литературе на тему «Суруйааччылар»

Республикатаа5ы «Бродников аа5ыылара» научнай – практическай конференция

Саха суруйааччыта А. Бродников хоьоонноругар

«Куех халлаан анныгар» бырайыак

Бырайыак ааптара: Д.Д.Красильников аатынан Мугудай орто оскуолатын

алын кылааьын учуутала Захарова А.Н.

Телей 2014 сыл

ИЬИНЭЭ5ИТЭ

Киириитэ………………………………………………………………………………………3

Хоьоон ейдебулэ………………………………………………………………………………4

Кылаастарынан хоьоонору темаларынан араарыы…………………………………….5

Уус-уран айымньыны ылынарга о5о ейге онорон керер дьо5урун сайыннарыы…..7

А.Бродников талыллыбыт хоьоонноро……………………………………………………8

Тумук…………………………………………………………………………………………..13

Литература……………………………………………………………………………………14

Киириитэ

О5олор киьи быьыытынан сайдар, ей-санаа еттунэн сацалыы керууну кердуур, саца суолу тобулунар кэмнэригэр тереппут, оскуола, общество иитиигэ сана хайысхалары тобулан улэлиирбит кэскиллээх.

О5о аанньа аахпат буолуута билинни куннэ5и олохпут биир актуальнай проблематынан буолар. Угус о5о телевизор, интернет коруутугэр бириэмэтин ыытар, иллэн кэмин туhата суох атаарар. О5о кыра сааhыгар аа5арга ба5ата, интэриэьэ суох, дууhата кураанах буолла5ына, куhа5ан дьаллыкка ылларымтыа буолар кутталлаах.

Кини олох муудараьын, киьи сиэрин, норуот угэстэрин ырытар, толкуйдуур, быьаарсар буолуутун аа5ыы уруоктарын ненуе араас хайысханан сайыннарыахха сеп.

Бастакытынан, о5о уус-уран айымньыны ырытан ейге оцорон керер дьо5ура сайдар, айымньы ис туругар киирэр.

Иккиьинэн, о5о иэйиитин сайдыыта кини ейге оцорор дьо5урун кытта ыкса сибээстээх. Ол курдук, ейге оцорон кербутун иэйиитинэн ылынар, иэйиитин кууьунэн ейге оцорон керер.

Усуьунэн, о5о толкуйдуур, ырыцалыыр буолла5ына, айымньыны дирицник ылынар буолар. Ол туьуттан о5о сайдыытын таьымын учуоттаан, то5оостоох ньымалары туттар эрэйиллэр.

О5о кыра сааьыттан уус-уран айымньыны аа5ар, сатаан ырытар буолла5ына, ейе-санаата сайдар, элбэ5и билэр.

Улэбит сонуна: А.Бродников хоьоонноругар уруьуй-альбому оноруу.

Сыала: Поэт А.С.Бродников биир дойдулаахпыт аатын уйэтитии.

Соруктара:

  1. Саха суруйааччыта А.Бродников айымньытыгар оло5уран, төрөөбүт тыл ылба5айын, сиэдэрэйин, тылы туттуу кистэлэңнэрин о5олорго билиһиннэрии.

  2. О5о бэйэтин санаатын, тугу билбитин – көрбүтүн сатаан сааһылаан саңарар, уустаан – ураннаан, хомо5ой тылларынан кэпсиир, суруйар үөрүйэ5ин, айар дьо5урун сайыннарыы.

  3. Аа5ыы уруоктарыгар ылбыт билиитин инники сайдыытыгар сатаан туьанар сатабылы инэрии.

Бу онорбут улэбитин учууталлар эбии аа5ыы уруоктарыгар туттуохтарын сеп.

Хоьоон ейдебулэ.

Уус-уран литература – тыл искусствота. Ханнык ба5арар уус-уран айымньы сурун ситиьиитинэн, киьини тардар, умсугутар кууьэ кини тылыгар баар. Тыл саамай этигэнэ, хомо5ойо, баайа, диринэ айымньыга табыгастаахтык туттуллуута, аа5ааччыга кестер хартыынаны уескэтиитэ суруйааччы талаанын, кини айар маастарыстыбатын туоьулуур.

Кэпсээнинэн уонна хоьоонунан суруйуу бэйэ бэйэтиттэн атыннаах. Ол атына тылы араастаан сааьылаан туттар ньыма5 сытар.

Хоьоонно хайаан да ритм баар буолар. Ритм диэн хоьоонно кэмиттэн кэмигэр бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаьар туох эмэ сана-инэ, тыас-уус, дор5оон хатыланан кэлэ турара ааттанар. Хоьоонно ол ритм араастаан туттуллар. Кээмэйдээх хоьоонно тэн суьуехтээх тыллар, строкалар ритм тус-туспа кэрчиктэрин уескэтэллэр. Ону таьынан кээмэйэ суох хоьооннор эмиэ бааллар.

Поэт тулалыыр эйгэтин, сирин-дойдутун, айыл5атын, дьонун туьунан нарын-намчы, уйа5ас тылынан иэйиилээхтик хоьуйар. Хоьоонунан айымньы уксун сюжета, чопчу геройа суох. Кини киьи дууьатын туругун, араас хамсааьынын арыйан кердерер. Автор бэйэтин кэмигэр буолар быьыыттан-майгыттан уескуур санаатын, иэйиитин, онно сыьыанын этэр. Онон хоьоон айыллыбыт ньымата, тас формата ис хоьоонун кытта ыкса дьуерэлэьэр.

Хоьоон тутула (дор5оонун дьуерэлэьиитэ, тэтимэ) хоьоону ейдууру чэпчэтэр, хоьоон ханнык санааны уескэтэрин ыйар. Хоьоону кэрчиктээн хас да уруок устата аахпаккын. Хоьоон биир тыынынан аа5ыллара кини дьайар кыа5ын улаатыннарар эбит. Бастатан туран хоьоону сатаан истэргэ уонна аа5арга уерэтиэхтээхпит. Тереебут тыл кэрэтин, этэр кыа5а киэнин, диринин тиэрдэр туьуттан уус-уран айымньыга суруйааччы туттубут бэргэн тэннээьиннэригэр, уус-уран быьаарыыларыгар, ох тыллар, бэргэн этиилэр ордук табыгастаахтык туттуллубут тубэлтэлэригэр о.д.а. киьи бол5омтотун тардар биир керунунэн айымньы ис хоьоонун уруьуйдааьын буолуон сеп. Бу ньыма киьиэхэ сонун иэйиини уьугуннарыан, сана толкуйдатар эйгэни уескэтиэн сеп.

Хоьоонунан айымньы уксун сюжета, чопчу геройа суох. Кини киьи дууьатын туругун, араас хамсааьынын арыйан кердерер. Автор бэйэтин кэмигэр буолар быьыыттан-майгыттан уескуур санаатын, иэйиитин, онно сыьыанын этэр. Онон хоьоон айыллыбыт ньымата, тас формата ис хоьоонун кытта ыкса дьуерэлэьэр. Биьиги улэбитигэр чопчу кестууну, предмети, киьини, кыылы, кетеру хоьуйар хоьооннору талан киллэрдибит.

Улэбитигэр уопсайа поэт А.Бродников 22 кыра, орто саастаах о5олорго аналлаах хоьооннорун талан туьанныбыт. Онтон о5олор ис хоьоонун себулээбиттэрин талан аахтылар уонна ырытыьан баран 15 айымньыга уруьуйдаатылар.

Кылаастарынан хоьооннору темаларынан арааарыы

1 кылаас. Мин сатаан аа5абын, Л.В. Захарова, 4 салаалаах

Темата

Хоьоон ахсаана

Кырыалаах кыьыным абылана

7

Тулабар кестер дьиктилэр

5

Сандаарар – ылаарар

Сандал саас бэлиэтэ

8

Ахтыл5аннаах сайыным

21

Эбии аа5ар айымньылар

6

Барыта

47

Сорудах

  1. Хоьоонно туох туьунан этиллэрий?

  2. Хоьоону хайдах ааттыахха себуй? То5о?

  3. Ааптар айыл5аны ханнык тылларынан хоьуйарый? Тиэкис тылынан бигэргэт.

  4. Ааптар туох тугэни ейугэр хатаабытый? Эн хараххар туох кеьуннэ, туох санаа уескээтэ?

  5. Бу хоьоону хайдах куолаьынан аа5ар себуй? Хайдах тэтимнээх? То5о?

  6. Манна майгынныыр айымньыны библиотекаттан булан аах.

2 кылаас. Аа5арбын таптыыбын, Л.В. Захарова, 7 салаалаах

Темата

Хоьоон ахсаана

Куьун

5

Кыьын

11

Уран тыл

1

Саас

8

Учугэй уеруулээх, куьа5ан сэрэхтээх

5

Улэни, уерэ5и таптыыбын

1

Сайын

5

Барыта

36

Сорудах

  1. Хоьоонноохтук аа5ыы. Кулуус тыллары, сана кэрчиктэрин куоласкынан бэлиэтииргин умнума.

  2. Айыл5а уларыйыытын поэт хайдах хоьуйбутуй? Кетер оло5уттан ханнык тугэн ойууланарый? Эн санаа5ар тугу кердереруй? Суруйааччы ойуулуур тылларын булан аах.

  3. Ойдеебетех тылларгын ыйыталаьан бил, суолтатын ейдее. Ол тыллары хантан, хайдах билиэххэ себуй?

  4. Хоьоон туох санааны уескэтэрий?

3 кылаас. Кустук, Л.В.Захарова. 8 темалаах.

Темата

Хоьоон ахсаана

Кемус куьун куллэ-уердэ алтан чуораан тыаьынан

6

Алтынньы барахсан, айхаллан,

А5аллын ахтыбыт кыьыммын!

5

Сахам сирэ киэн кыраай, сонун, сонун кестуулээх

5

Улэлиир учугэй, уеруутэ дэлэгэй

6

Учугэйтэн уерэбит, куьа5антан хомойобут

3

Былыргыны былыт саппат, уруккуну уу суурайбат

6

Кундэл сааспыт эргиллэн, куммут кулум уоттанна

6

Саргылаах ырыанан сайыны уруйдаан!

6

Эбии аа5арга айымньылар

4

Барыта

47

Сорудах

  1. Хоьоону ким суруйбутуй?

  2. Хоьоону сурук бэлиэтин тутуьан аах.

  3. Ханнык тугэн хоьуйулларый? Суруйааччы хайдах ойуулууруй?

  4. Хоьоон туох санааны уескэтэрий?

  5. Хоруйун тиэкистэн булан аа5ын.

  6. Хоьоон тылын туьанан кэпсииргэ бэлэмнэнин.

  7. Хоьооннорго строфа аайы маарыннаьар суьуе5унэн бутэр строкалары булан аа5ын. То5о итинник суруллара буолуой?

  8. Ханнык ойууну уруьуйдуохха себуй?

  9. Тема5а сеп тубэьэр атын хоьоону уерэтин.

4 кылаас. Ньургуьун, Л.В. Захарова, 1 чааьа – 7 разделлаах, 2 чааьа – 14, 3 чааьа – 10.

Темата

Хоьоон ахсаана

Норуот тылынан уус-уран айымньыта

Уус – уран литература

17

Эбии аа5арга

6

Барыта

33

Сорудах

  1. Хоьоон авторын, тематын этин.

  2. Ханнык хоьооннору лирическэй, айыл5аны хоьуйуу, кердеех, о5олорго аналлаах диэн ааттыахха себуй?

  3. Хоьоон туох ураты бэлиэлээх эбитий, то5о «хомо5ой хоьоон» дэнэрий?

  4. Хоьоон тылын уларытыахха сеп дуо?

  5. Ордук себулээбит хоьооннутун ейтен эбэтэр кинигэттэн хоьооонноохтук аа5арга курэхтэьии.

  6. Оссе ханнык поэт-суруйааччылары билэ5ит? Кылаас таьынан аа5ыы уруоктарын тэрийии.

  7. Бэйэ хоьоон суруйуута, «Айар тэтэрээккэ» таьаарыы.

Уус – уран айымньыны ылынарга о5о ейге онорон керер дьо5урун сайыннарыы

Улэ бу араас керуцнэриттэн, чуолаан, аахпыттан уруьуйга тохтуохпут.

О5о аахпытын теье ылыммытын уруьуйдаан кердерерун себулуур. Аахпыттан уруьуй о5о ейге оцорон кербутун сайыннарар, кэцэтэр.

Манна о5олор уруьуйдарын ырытар наада. О5о ханнык тугэни сепке табан уруьуйдаабытын, ханнык тугэццэ тугу оцоруон септее5ун учуутал хай5ыыра, субэлиирэ о5о ейге оцорон кереругэр бытархайдары кере уерэнэр. Уруьуйу биэрии – айымньы ис хоьоонуттан тахсар, учуутал уус – уран айымньыны ырытарга кемелеех буолуо дии санаабыт тугэнин ойуулатыан сеп

Уруьуй киьи керен ылынар кыа5ын нецуе дьайыыта куустээх. Уерэнээччилэри уус — уран эйгэ5э, турукка киллэрэр атын ньымалары сэргэ, ордук тылынан дьайыыга сыьыаран айымньыга дьуерэ ис номохтоох уруьуйу кердеруу о5о уйул5атын хамсатар кыа5а кууьурэр. Ацардас истэн, ейге оцорон керен ылынарын таьынан ессе керен оцоруу туругу уларытыыга кууьурэрэ чуолкай.

А.Бродников талыллыбыт хоьоонноро.

Түмүк.

Талбыт хоьооннорбутун о5олор саастарынан арааран наардаан баран маннык тумуккэ кэллибит. Хоьоону таларга чопчу предмети, кестууну, киьини, кыылы, кетеру, ол эбэтэр чопчу хоьооннору талан киллэрэр табыгастаах эбит. Сана аа5ар о5олор 1-2 куплеттаах биир тыынынан аа5ыллар кылгас хоьооннору, онтон учугэйдик аа5ар о5о айымньы ис хоьоонун керен талар. Уруьуйдуурга табыгастаа5ын эмиэ кереллер. Ордук айыл5а кестуулэрин, кыыллар тустарынан аа5алларын себулууллэр эбит.

Бу онорбут улэбитин о5олор, тереппуттэр, учууталлар кылаас таьынан ыытыллар аа5ыыларга, тэрээьиннэргэ, дьиэ-кэргэн иьигэр туттуохтарын сеп.

Бу улэнэн биьиги тугу ситиьэбит:

  1. Саха суруйааччыта А.Бродников айымньытыгар оло5уран, төрөөбүт тыл ылба5айын, сиэдэрэйин, тылы туттуу кистэлэңнэрин о5олорго билиһиннэрии.

  2. О5о бэйэтин санаатын, тугу билбитин – көрбүтүн сатаан сааһылаан саңарар, уустаан – ураннаан, хомо5ой тылларынан кэпсиир, суруйар үөрүйэ5ин, айар дьо5урун сайыннарыы.

  3. Аа5ыы уруоктарыгар ылбыт билиитин инники сайдыытыгар сатаан туьанар сатабылы инэрии.

Литература

  1. Алексей Бродников. Саха суруйааччылара о5олорго. — Дьокуускай: «Бичик», 2012.

  2. Бродников А.С. Куорсуннаах оноҕос: Хоһооннор: Кыра саастаах оскуола оҕолоругар.- Дьокуускай кинигэ изд-та, 1970.- 24с.; 1981.- 79с — Дьокуускай: «Бичик», 2009.

  3. Бугаев Н.И. Саха оскуолатыгар уус-уран литератураны уерэтии туьунан санаалар.- Дьокуускай: «Бичик», 1997.-88 с.

  4. Захарова Л.В. 1 кылаас. Мин сатаан аа5абын. — Дьокуускай: «Бичик», 2009..

  5. Захарова Л.В. 1 кылаас. Аа5арбын таптыыбын. — Дьокуускай: «Бичик», 2011.

  6. Захарова Л.В. 1 кылаас. Кустук. — Дьокуускай: «Бичик», 2003.

  7. Захарова Л.В. 1 кылаас. Ньургуьун. — Дьокуускай: «Бичик», 2003.

  8. Поликарпова Е.М. Хоьоонноохтук аа5ыы.- Дьокуускай: Саха Республикатын национальнай изд-вота, 1992.-64 с.

infourok.ru

СУРУЙААЧЧЫЛАР УОННА ПОЭТТАР: 2015

САХА НАРОДНАЙ 

СУРУЙААЧЧЫЛАРА УОННА ПОЭТТАРА.

Серафим Романович Кулачиков —

Эллэй.

(1904-1976)

1929с. хоһооннорун «Күөгэйэр күннэрбэр» диэн бастакы хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. 30-с сыллардаахха поэт айымньытын сүрүн тематагражданскай сэрии. «Саа уоһугар», «Үс сытыык үөһүгэр» хоһоонноро уонна аатырбыт «Буурҕа-буулдьа дьылыгар» поэмата саха советскай литературатын классиката буолбуттара. 30-40-с сыллар усталарыгар:»Саҥа ырыалар» диэн киэҥник биһирэммит хоһоонноро (1932), «Даешь социализм» (1939), «Айан уоттара» (1941).

Эллэй хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтигэр ураты миэстэни остуоруйаҕа олоҕуран суруллубут «Чурумчуку» (1937) поэма ылар. Сэрии кэнниттэн «Саха дьоло» (1947) уонна «Прометей» (1949) историческай поэмаларга Эллэй сүҥкэн эпическэй уонна лирическэй хабааннаах поэт буоларын көрдөрбүтэ. 1950-70-с сыллардаахха Эллэй айар үлэтэ аан дойду, үлэ, эйэ уонна норуоттар доҕордоһуулара, олох түгэннэрин филосовскай ырытыы, норуот историятын темаларыгар анаммыта. 

Поэт хоһоон ритмикатын маастара, саха поэзиятыгарсаҥа элбэх литературнай приемнары уонна рифмалары киилэрбитэ, лирическэй герой быһыытынан араас майгылаах уонна дьылҕалаах персонажтары көрдөрбүтэ.

Николай Егорович Мординов — 

Амма Аччыгыйа.
(1906-1994)

Бастакы «Ийэ» диэн хоһооно 1927 с. Хотугу Сулус сурунаалга бэчээттэммитэ. Саха литературатын көмүс фондугар киирбит «Быһах угун кыстыммат» кэпсээннэрин хомуурунньуга 1934с. ааҕааччылар дьүүллэригэр тахсыбыта. 1936с. «10 сыл» диэн хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньугун, 1937с. «Атаҕастабыл» сэһэнин бэчээттэтэн бөдөҥ поэт, драматург, прозаик быһыытынан бэйэтин биллэрбитэ.

Амма Аччыгыйа саамай бөдөҥ, айар үлэтин чыпчаалынан буолбут «Сааскы кэм» диэн айымньытынан саха литературатын олох саҥа, үрдүкү кэрдиискэ таһаарары ситиспитэ. Нууччалыы, украинскай, чешскэй, венгерскэй уонна а атын тылларга тылбаастанан ааҕааччылар киэҥ араҥаларыгар тиийбитэ. 

Амма Аччыгыйа «Суруйааччы уонна айымньы» литературнай-критическэй ыстатйалар хомуурунньуктарын автора, ону тэҥэ оҕолорго анаан элбэх айымньылары бэчээттэппитэ.

Улахан талааннаах тылбаасчыт. М.Лермонтов «Герой нашего времени», Л.Толстой «Анна Каренина», «Воскресение», В.Шиллер «Коварство и любовь», М.Шолохов «Наука ненависти», «Тихий Дон» курдук роман тылбааһын иһин суруйааччы П.А.Ойуунускай аатынан премияны ылар чиэстэммитэ.

Владимир Михайлович Новиков —

Күннүк Уурастыырап.
(1907 — 1990)

Айар үлэтэ 1925с. саҕаламмыта. «Уһуктубут кыраайга» диэн 20-с сыллардаахха суруйбут хоһооннорун хомуурунньуга 1932с. бэчээттэммитэ, ол хоһооннортон элбэх маассабай ырыа айыллыбыта. «Коммунист Сэмэн» диэн поэзиятын бөдөҥ айымньыта биһирэммитэ. Поэт олоҥхону уонна тойугу үрдүк таһымнаахтык толороро, «Тойон Дьаҕарыма Бухатыыр» олоҥхо автора. Сэрии саҕана үрдүк күүрүүлээх патриотическай хоһооннорун хомуурунньугар киирбит «Хотугу кустук» диэн Советскай Сооюз Геройа Федор Попов хорсун быһыытыгар анаммыт поэмата улахан билиниини ылбыта. 1951с. «Ымыы уонна Налбыһах» диэн колхозтааһын саҕана саха дэриэбинэтин олоҕун көрдөрөр улахан эпическэй поэманы ааҕааччы дьүүлүгэр таһаарбыта. 

Күннүк Уурастыырап — талааннаах тылбаасчыт. Кини А.С.Пушкин, Т.Г.Шевченко, Джамбул Джабаев, Микола Бажан уонна да атын поэттар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. 

Дмитрий Кононович Сивцев —

Суорун Омоллоон.
(1906 — 2005)

Саха литературатыгар кылгас кэпсээннэр маастардарынан киирбитэ. Бастакы айымньытын «Өлүөнэ өрүс   кэпсээни 1926с. «Чолбон» сурунаалга бэчээттэппитэ. «Сордоох суха», «Аанчык», «Бэйэтэ эмтиэкэ» курдук биһирэммит кэпсээннэрдээх.

Саха сиригэр драматургия уонна театр сайдыытыгар үлэтэ уонна айымньылара сүҥкэн суолталаахтар. Суруйбут айымньылара: «Күкүр Уус» (1934), «Айаал» трагедия (1941), «Сайсары» (1942), «Ийэ дойду иһин» (1950), «Сардаана  уонна Саасчаана» (1984) уо.д.а. 1970с. «Күн тахсыан иннинэ» драматын иһин П.А.Ойуунускай аатынан государственнай премияны ылбыта. «Айхал» театрализованнай концерт сценарийа (1942), «Улуу коммунист поратиятыгар» саха бастакы кантатата (1945), «Алаас сибэккитэ» бастакы национальнай опера либреттота, «Ыһыах» («Северная весенняя») теартализованнай оратория (1958), Лоокуут уонна Ньургуһун» (1959), «Кыһыл Ойуун» (1963), «Умуллубат уот» (И.Эртюковы кытта, 1966), «Хотойдор хоту көтөллөр» (1960), «Дьол тааһа» (1960-63), «Күн Куо» (1970), «Абакаяда» (1982) балеттар либреттолара.

Иван Михайлович Гоголев —

Кындыл.
(1930 — 1998)

Саха литератратыгар 1952 с. киирбитэ. Бастакы «Угуйар уоттар» поэтическай хомуурунньуга ити сылга тахсан сэҥээриини ылбыта., кэлин утуу-субуу «В далекий путь», «Кынаттар», «Хаарчаана», «Өлүөнэ хоптолоро», «Бастакы кыым», «Түөрт саҕах» кинигэлэрэ тахсыбыттара. Киин издательстволарга нуучча тылынан бэчээттэммит «Ягель в инее», «Письмена на бивне мамонта», «Ищу волшебный подснежник», «Серебряное стремя» уонна да атын хоһооннор уонна поэмалар хомуурунньуктара саха поэзиятын үрдүк таһымҥа көрдөрбүттэрэ. Поэт хоһооннорун дойду биллиилээх тылбаасчыттара Вл.Павлинов, О.Шестинскэй, В.Казанцев, Н.Старшинов уо.д.а. нуучча тылынан саҥардан ааҕааччылар киэҥ араҥаларын билсиһиннэрбиттэрэ.

Поэт сүүстэн тахса хоһоонноро ырыа буолан эйээрбитттэрэ. 

Талааннаах прозаик быһыытынан «Хара кыталык», «Иэйиэхсити кэлэтии» романнара, «Олорор мутуккун кэрдимэ», «үһүс харах» сэһэннэрэ саха прозатын бэлиэ айымньылара буолбуттара. Драматург быһыытынан «Наара Суох», «Иннэ үүтүнэн» о.д.а. пьесалары, «Цветок Севера» саха бастакы опереттатын либреттотын, «Долина стерхов» музыкальнай остуоруйа-пьесаны суруйбута.

Семен Петрович Данилов.
(1917 — 1978)

1937с. айымньыларын бэчээттэтэн барбыта. Поэт-лирик бэртээхэй хоһоонноро норуокка ырыа буолан көппүттэрэ. 

Литератор быһыытынан диапазона олус киэҥ этэ: хаһыат публицистическай хоһооно уонна маасабай ырыа, фельетон уонна көрдөөх-күлүүлээх хоһоон, оҕолорго анаммыт хоһооннор, кэпсээннэр, литературнай-критическэй ыстатыйалар, норуот айымньытын поэтическай обработка, поэмалар.

А.пушкин, М.Лермонтов, А.Мицкевич, Т.Шевченко, И.крылов, М.Горькай, А.Гайдар айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Семен Данилов аата дойду уус-уран тыллаах маастардарын кытта биир кэккэҕэ турар.



Софрон Петрович Данилов.

(1922 — 1993)

1934с. уон икки саастааҕар «Кыым » хаһыакка бастакы суруйуутун бэчээттэппитэ. 1938с. «Бэлэм буол» хаһыакка «Мууска» диэн хоһооно бэчээттэммитэ, сотору соҕус буолан баран илиинэн суруллар студеннар сурунаалларыгар суруйааччы бастакы кэпсээнэ тахсыбыта. 

Айар үлэтэ саха литературатын киэҥ туттуута. Үгүс хоһоонноро ырыа буолан көппүтэрэ, «Сүрэх тэбэрин тухары», «Кыыс Амма», «Дьэҥкир туһунан номох» романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара, «Манчаары», «Дьоҥҥо үөрүүнү аҕалан», «Уот», «Бааһына» сэһэннэрэ араас кэмҥэ тахсан ааҕааччы болҕомтотун тардыбыттара. 

«Сахалар ааттарыттан» драмата С.А.Григорьев туруоруутунан 1959с. драматургияҕа республикатааҕы конкурска иккис премияны ылбыта.

Ефимов Моисей Дмитриевич
(1927)

Талааннаах оҕо оскуолаҕа киирээт, эркин хаһыатыгар хоһооннорун таһааттаран барбыта. 1957с. ССРС суруйааччыларын Союһун чилиэнинэн ылыллар. Ити сылтан ыла айар үлэ эйгэтигэр кимиилээхтик киирэр.

45 кинигэтэ сахалыы, нууччалыы, казахтыы, тувалыы тылларынан тахсыбыттара, ону таһынан 5 кинигэни тылбаастаан бэчээттэттэ. Поэт Сергей Есенин эппитинии «Мин олоҕум кэпсээнэ — мин хоһооннорум» диэн киэҥ тутта этэр. кини бастакы хоһооннорун хомуурунньуга 1954 с. тахсыбыт «Киирбэт күннээх дойдуга» диэн, бүтэһик улахан айымньыта — «Хотой үҥкүүтэ» 1993 с. тахсыбыта.

Ермолаев Рафаэль Дмитриевич —

Баҕатаайыскай

(1931)

1951 с. бэчээттэнэр. «Кытыан кымньыы» диэн үгэлэрин, хоһооннорун бастакы кинигэтэ 1957 с. бэчээттэммитэ. Сатирик-поэт быһыытынан киэҥник биллибитэ. «Уолаттар уонна кийииттэр» хоһоонунан романа туспа кинигэнэн тахсыбыта. «Бэйэҥ сулускун булуоҥ» роман, «Мөһүүрэлээх бөтүүктэр» диэн сэһэннэрэ ааҕааччы болҕомтотун таппыттара. 

Норуот таптаан ыллыыр ырыаларын тылын  суруйбут лирическэй, гражданскай поэт быһыытынан эмиэ биллэр. 

Кэлин сылларга саха чулуу дьонноругар анаабыт поэмаларын бэчээттэттэ. Ахтыылары суруйда.

Николай Гаврильевич Золотарев —

Николай Якутскай.
(1908 — 1996)

Аан бастаан украинскай уонна молдавскай хаһыаттарга «Тирасполь-город, основанный Сувровым», «Под новый год» уонна да атын документальнай очеркалара бэчээттэнэн тахсаллар. «Особняк Любы Одесской» диэн очеркатын анныгар аан бастаан Николай Якутскай диэн псевдонимынан илии баттаабыта. 

1947с. суруйааччы бастакы бөдөҥ айымньыта — «Төлкө» роман бастакы чааһа бэчээттэммитэ. 1948с»тахсыбыт «Көмүстээх үрүйэ» сэһэнэ биир бастыҥ айымньыта буолбута. Суруйааччы олоҕун кэнники кэрдиис кэмигэр айылыбыт «Илин уонна Арҕаа» автобиографическай роман, «Адаҕа» уонна «Сүтүк» романнара эмиэ биһирэбили ылбыттара. 

Кырачаан ааҕааччыларга анаан «Дьүкээбил уоттара», «Хотой доҕоро» курдук бэртээхэй айымньылары суруйан хаалларбыта. 

Кривошапкин Андрей Васильевич

(1941)

1962 с. бэчээттэнэр. Бастакы кинигэтэ «Опо» эбээн тылынан 1969с. тахсыбыта. «Оҕо сааһым табалара», «Уйамкане идут на Север» сэһэннэрэ,  «Дьылҕам кытыла» (1988), «Көмүс таба» (1990) романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара.


Николай Анатольевич Лугинов
(1948)
1974 с. бэчээттэнэр. Бастакы кинигэтэ «Кэпсээннэр» 1976 с. тахсыбыта. Элбэх сэһэн, роман кинигэлэрин ааптара. Театрга ситиһиилээхтик туруоруллубут пьесалардаах. Кини кинигэлэрэ нууччалыы, сорох Европа тылларыгар тылбаастаммыттара. Аан дойдутааҕы «Алжир – культуралар быһа охсуһууларыгар», Казахстан «Алаш», Россия «Улахан литературнай» бириэмийэлэрин лауреата, СР искусствотын үтүөлээх деятелэ.

Кини прозатын улахан ситиһиитинэн «Таас Тумус» сэһэннэрэ уонна үс кинигэлээх «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан» романа буолар. Бу романынан «Чингисхан кистэлэҥэ» уус-уран киинэ уһулунна. Суруйааччы быһыытынан айымньылара философскай хабааннаахтар, ураты сахалыы колориттаахтар.


Мигалкин Иван Васильевич
(1954)

1976 c. «Ньургуһуннаах сурук» хоһооннорун бастакы кинигэтэ бэчээттэммитэ. Ашхабад, Брянск куораттарга ыытыллыбыт бүтүн союзтааҕы поэттар фестивалларын, Москваҕа Пушкин поэзиятын бырааһынньыгын кыттыылааҕа. Оҕолорго анаан «Муосмурун көрүдьүөстэрэ», «Балык тоҕо ууну булбутай» о.д.а. элбэх айымньылардаах.

Неймохов Егор Петрович
(1950 — 2011)

«Сэргэлээххэ саас этэ» диэн маҥнайгы кэпсээнэ « Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммитэ. Автор айымньыларыгар бэйэтин кэмин дьонун- спортсменнары, искусство эйгэтин дьонун, ис орган үлэһиттэрин, учуонайдар, тыа сирин олохтоохторун үлэлэрин-хамнастарын туһунан ойуулаан көрдөрөр. Юрий Сергеев «Королевская охота» кинигэтин сахалыы тылбаастаабыта, Павел Пинигин «Путь к Олимпу» кинигэтин бэлэмнээбитэ. «Хапсыһыы» сэһэнэ П.А Ойуунускай аатынан драматическай театр сыанатыгар туруоруллубута.

Киинэ сценарийдарын суруйталаабыта. «Алампа» диэн икки чаастан турар романа киэҥ биһирэбили ылбыта.

Леонид Попов.
(1919 — 1990)

  Бастакы хоһоонноро 1937с. бэчээттэммиттэрэ 1943с. поэт бастакы хоһооннорун уонна поэмаларын хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. 1944с. Софрон Даниловы кытта «Советскай Союз Геройа Федор Кузьмич Попов» диэн документальнай сэһэни суруйбуттара. 

Сүрүн поэтическай айымныьалара: «От всего сердца» (1950), «Хоптолор» (1958), «Дым родного очага» (1966), «Гори огнем, сердце мое» уо.д.а.

  Кини хоһооннорун нуучча аатырбыт поэтессата Анна Ахматова тылбаастаабыта. Киин издательстволарга «Утро над Леной» (1953), «Алмазный край» (1958), «Снегопад» (1963), «Песни Вилюя» (1970), «Я — ветка тайги» (1977), «От океана до океана» (1979) уо.д.а. хоһооннорун хомуурунньуктара нуучча тылынан бэчээттэммиттэрэ. 
 Саха литературатын киэҥ туттар «Тоҕой Сэлэ», «Мэйи Сирэ» романнарын, «Күндэли» сэһэнин, хас да драмалары сурйбута.

  Литературнай тылбааһынан эмиэ дьарыктаммыта. Б.Полевой «Повесть о настоящем человеке», Н.Гоголь «Тарас Бульба», А.Фадеев «Молодая Гвардия» айымньыларын сахалыы саҥардыбыта.

Семен Попов —

Сэмэн Тумат
(1944)


 Кини хоһоонноро аан бастаан 1965 с. «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбыта. «Сылгы кистиир сыһыытыгар» диэн очеркаларын бастакы хомуурунньуга 1981 с. күн сирин көрбүтэ.  Тумат элбэх кэпсээннэри суруйбута: «Муора арыытыгар олох», «Туундара оһоҕо», «Улуу кыыл тыына», «Иэс төлөнүүтэ». 1994 с. Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы олоҕун, айар үлэтин чиничийэн кинигэ таһааттарбыта. 1995 с. Вл.Федоров нууччалыы тылбааһыгар «Остров в белом океане»  диэн кэпсээннэрин кинигэтэ тахсыбыта.

            Тумат хотугу дьон чэпчэкитэ суох олоҕун билэрэ, сыаналыыра кэпсээннэригэр, сэһэннэригэр олус истиҥник уонна арылхайдык ойууланар.

Сивцев Василий Тарасович
(1933)


Хоһоонноро доҕордоһууну уонна киһи ис иэйиитин көрдөрүүгэ туһуланар. Кини сүүстэн тахса сонеттары суруйбута.

В. Сивцев тылбаасчыт уонна критик быһыытынан эмиэ биллэр. 

Василий Сергеевич Соловьев —

Болот Боотур
(1915 — 1993)


  1957с. кимиэхэ да биллибэт автор «Ол күн» диэн поэматынан Октябрьскай революция 20 сылыгар анаммыт республиканскай конкурска иккис премияны ылан, литератураҕа киирбитэ. «Сааскы дьыбардар» романа 1967с. буолбут Октябрьскай революция 50 сылыгар анаммыт конкурска иккис миэстэни ылан, аны прозаик быһыытынан сиппитин-хоппутун көрдөрбүтэ. Айымньы 1971 сыллаахха бэчээттэммитэ. Бөдөҥ айымньытыгар «Уһуктуу» роман-трилогияҕа революция иннинээҕи саха норуотун олоҕун киэҥник сырдаппыта. Трилогия саха литературатын биир улахан ситиһиитинэн сыаналаммыта.

Руфов Семен Титович

(1927)

1955 с. бэчээттэнэр. Хоһооннорун бастакы кинигэтэ «Кэл, олор, кэпсэтиэх» 1959 с. тахсыбыта. Уон хоһоон кинигэлээх, ону таһынан очеркалара, кэпсээннэрэ, ахтыылара, эсселэрэ, рецензиялара хас да кинигэнэн бэчээттэннилэр. Кини поэзията лирическай тосхоллоох, сырдык юмордаах. Эпиграмма маастара. Дьээбэтэ-хообото «Дьээбэтинньик» (1998 с.), «Зыр-зыр» (2002 с.) кинигэлэригэр түмүллүбүт.

С. Руфов талааннаах тылбаасчыт. В. Шекспир сонеттарын, Ш. Руставели «Тигр таҥастаах бухатыыр» поэматын сахалыы саҥардыбытынан киэҥник биллэр. Кини тылбааска ситиһиилэрин «Сулустаах халлаан» (1998) кинигэтэ туоһулуур.

Савва Иванович Тарасов
(1934 — 2010)


  Хоһоонноро республика сурунаалларыгар уонна хаһыаттарыгар 1950с. бэчээттэнэн барбыта, бастакы «Төрөөбүт Сахам тылынан» хоһооннорун уонна поэмаларын сүүрбэччэҕэ» тиийэ кинигэлэри таһааттарбыта, ол иһигэр «На берегах Синэ» уонна «Цветок аласа» хомуурнньуктара нууччалыы тылбаастанан Москваҕа бэчээттэммиттэрэ. Поэт Егор Исаев «Суд памяти», С.Островой «Мама» поэмаларын сахалыы саҥардыбыта. С.Тарасов тылбааһынан театрга В.Шекспир «Король Лир», «Гамлет», «Макбет», Эврипид «Медея» курдук улуу трагедиялара туруоруллубуттара. Поэт үгүс хоһоонноро ырыа буолан көттүлэр. 

Тимофеев Михаил Егорович

(1932 — 2013)

1957 сылтан бэчээттэнэр. 1960 с. «Маҥнайгы хаар» диэн хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта. Төрөөбүт Сахатын сирин, тыйыс тымныылаах Саха сирин хорсун-хоодуот амарах сүрэхтээх дьонун хоһуйар. Сэрии ыар сылларыгар улааппыт бэйэтин көлүөнэтин суруйар. Инники  сырдыкка эрэллээх, баай ис хоһоонноох олохтоох бэйэтин кэмин дьоннорун ойуулуур. Олох, таптал туһунан суруйбут айымньылара ааҕааччы киэҥ сэҥээриитин ылаллар.  «Ааныс» диэн хоһоонунан сэһэнэ онегинныы строфанан суруллубута. М. Джалиль, Т. Шевченко, Токтогул, Р. Гамзатов, Монголия, Тува, Индия поэттарын Хотугу норуоттар суруйууларын тылбаастаабыта. Кини хоһоонноро нуучча уонна атын омук тылларынан бэчээттэммитэ.


Петр Николаевич Тобуруокап
(1917 — 2001)  Бастакы хоһоонноро 1934с. «Колхоз суола» хаһыакка бэчээттэнэн бараллар. Саха народнай поэтын хоһоонноро сытыы тыллаахтар, сырдык юмордаахтар, ырыа буолан дьиэрэйэллэр. Кырачаан ааҕааччыларга анаан элбэх хоһоону күн сырдыгар таһаарбыта. Поэт ону тэҥэ улахан лирико-эпическэй айымньылардаах.

Харлампьева Наталья Ивановна

(1952)

 Литератураҕа дьулусханнык киирбитэ. 1975с. бастакы хоһоонноро  «Эдэр коммунист» хаһыакка бэчээттэммиттэрэ, онтон 1976с. бастакы кинигэтэ — «Аэроплан» «Чэчир» кассетаҕа тахсыбыта. Ол кэннэ кинигэрлэрэ утуу-субуу күн сирин көрөн испиттэрэ:  «Дьол сибикитэ» (1981), «Кыһыл ньургуһун» (1986), «Дьэҥкир киэһэ» (1990), «Атырдьах ыйа» (1994),  «Дьол кымыһа» (1999),Дьэҥкир сурук  (2001), «Ночной полет» (1980), «Красный подснежник» (1988).

Василий Семенович Яковлев —

Далан
(1928 — 1996)

 Бастакы айымньыта «Дьикти саас» сэһэнэ 1976с. «Хотугу Сулус» сурунаалга бэчээттэммитэ, 1978с. туспа кинигэ буолбута. Салгыы суруйааччы 1979с. «Аар тайҕам суугуна» диэн айылҕа харытсабылыгар анаммыт сэһэнэ Далан диэн литературнай аат мээнэҕэ ылыллыбатаҕын ааҕааччыларга итэҕэппитэ.

  Талаанын саҥа кэрдиистэринэн саха былыргытын уус-ураннык көрдөрөр историческай хабааннаах айымньылар буолбуттара. 1983с. тахыбыт «Тулаайах оҕо» сэһэнэ кыргыс үйэтинээҕи кэмҥэ Саха сиригэр олорбут норуоттар олохторун-дьаһахтарын көрдөрүү биир чаҕылхай холобура. Суруйааччы бу темаҕа сүрүн үлэтинэн буолбут «Тыгын Дархан» историческай романа 1993с. күн сирин көрөн, ааҕааччылар биһирэбиллэрин, критиктэр үрдүк сыанабылларын ылбыта, республика общественноһын иһигэр киэҥ кэпсэтиини күөдьүппүтэ. Туох да күүркэтиитэ суох бу роман саха литературатын саамай үрдүк ситиһиитэ. «Доҕоруом, дабай күөх сыырдаргын» (1991), «Кынаттаах ыралар» (1988) романнарын, «Дьылҕам миэнэ» (1994) автобиографическай роман-эссетын суруйан ааҕааччыларга хаалларбыта. 

 Кырачаан ааҕааччыларга анаан хас кинигэлээ: «Саха төрдө», «Тэппэй боччумурар».

драматическай айымныьылары эмиэ суруйталаабыта.

uus-uranliteratura.blogspot.com

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *