Көмүс күһүн сценарий: Сценарий классного часа «Көмүс күһүн бэлэхтэрэ»
Сценарий Билии кунэ
Сценарий
«Билии кунэ».
01.09.2018с.
Музыка холбонор, линейка5а туруу.
Утуе кунунэн кунду уерэнээччилэр, учууталлар, тереппуттэр, уонна ыалдьыттар!
Алтан чуораанынан чугдааран,
Уерэх дьыла са5аланна,
О5о аймах иннигэр
Оскуола аанын тэличчи арыйда.
Көмүс күһүн кэлиитэ
Көмүс дуйун бүрүнүүтэ
Оскуолабыт аһыллан
Оҕо саҥатынан туолар
Балаҕан ыйын бастакыта
Буолла эбээт биһиэхэ
Оскуолаҕа кэлэммит
Киирдибит кылааска
Эьигини барыгытын бу уеруулээх куннэ уерэ-кете керсебут уонна бала5ан ыйын 1 кунунэн – Билии кунунэн итиитик истинник э5эрдэлиибит! Бугунну кунтэн са5алаан бары оскуолаларга уерэх дьыла са5аланна!
Билии кунугэр аналлаах торжественнай линейкабытын са5алыырбытын кэнуллээн!
Сана уерэх дьылын аьыллыытын бэлиэтээн Российскай Федерация уонна Саха Республикатын былаахтарын ере кете5ен арыйыа5ын.
Российскай Федерация былаа5ын кете5ер чиэскэ тиксэр 11 кылаас уерэнээччитэ «Эйгэ» сайынны улэ лаа5ырын бастын улэьитэ Горохова Даша (гимн РФ).
Саха Республикатын былаа5ын кете5уе5э 5 кылаас туйгун уерэнээччитэ, араас таьымнаах курэхтэьиилэр кыайыыла5а, Попов Костя
(гимн РС(Я)).
Бала5ан ыйын 1 кунэ – Билии кунэ, биьиэхэ хас биирдии бэйэбитигэр олус кунду уонна кэтэьиилээх быраьынньык буолар. Ол курдук оскуола киьиэхэ ураты суолу хаалларар. Хас биирдии киьи хаьан эрэ аан маннай, оскуола боруогун атыллаан, билии киэн аартыгын арыйан оло5ун онкулун оностор.
Кинилэр уерэммит оскуолаларын, маннайгы уонна уерэппит учууталларын, до5отторун киэн тутталлар. Бугун оскуолабыт аана аьылынна, билии дойдутун киэн эйгэтигэр сана аартыктары арыйар уеруулээх кун ууннэ!
Саҥа суумка сүгэммин
Сибэкки дьөрбөтө тутаммын
Кэллим мин оскуолаҕа
Үөрэнээччи буоламмын
Билии киэҥ аартыга
Чуораан лыҥкыр тыаһынан
Уруйдуу көрсөр биһигини
Сэттэ саастаах оҕолору
Билии киэн аартыгын арыйа сана суумкаларын сугэн сибэкки тутуурдаах, элбэх билиини инэринэр куустээх ба5а санаалаах, уерэнээччи урдук аатын сугэ кэлбит В. Ф.Афанасьев – Алданскай аатынан Чэриктэй орто оскуолатын маннайгы кылааьын уерэнээччилэрин,кинилэр тереппуттэрин дохсун ытыс тыаьынан керсуе5ун уонна билиьиннэрэрбин кенуллээн:
Горохова Эльвира
Стручков Багдан
Ушницкий Сандал
Горохов Самвел
Карманова Нарыйаана
Слепцов Алеша
Попов Антон
Свешников Рустам
Кылаас салайааччы Ушницкая Оксана Ивановна, Сардана Николаевна Прядезникова
Биьиги кырачаан до5отторбут эьиэхэ5э анаан бэлэхтээх кэлэн тураллар.
Монтаж 1 кылаастар.
Сана уерэх дьылынан, били кунунэн э5эрдэтин тиэрдэр В.Ф. Афанасьевич – Алданскай аатын Чэриктэй орто оскуолатын директора , Саха республикатын уерэ5ириитин туйгуна Ушницкая В. В
Саха Республикатын уерэ5ин улэьиттэрин профсоюьа «Профсоюзы детям» диэн акция ыытта. Тыл бэриллэр оскуола профкомугар Босикова А.В.
Музыкальнай э5эрдэлэрин тиэрдиэхтэрэ орто суьуех кыргыттара ункуу «Чугдаар чуораанчыгым»
Музыкальнай э5эрдэтин тиэрдэр Федорова Дарина « Оскуола»
(учууталларга сибэкки дьербете туттараллар)
Убаастыыр, кундутук саныыр учууталларбытын, кылаас салайааччыларбытын сана уэрэх сыла са5аламмытынан э5эрдэлээн туран, сибэкки дьэрбэтун туттарарбытын кэнуллээн, эьиэхэ ситиьиилээх улэни,саха алмааьын курдук кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэннитинэр дьоллоох оло5у ба5арабыт! (сибэкки бэлэ5ин туттарыы, «Оскуола биьигэ»Мичийэ Попова ырыата тыаьыыр). туйаарыма
4.Э5эрдэ тыл бэриллэр 1 кылаас тереппутугэр
Кунду маннайгы кылаас уерэнээччилэрэ бугун эьиги олоххутугар умнуллубат кэрэ бэлиэ кун – Эьиги уерэнээччи буоллугут! Элбэх билиини ылан уерэх кыьатын ейдеен, угус утуе до5ордонон уерэ кете улаатын. Еркен ейдеех, киэн билиилээх, чел доруобуйалаах киьи буола улаатан, Сахабыт сирин аатырдыаххыт диэн эрэлбитин биллэрэбит.
Уерэнээччилэри «Билии кунугэр» аналлаах уруоктарга ынырар чуорааны тыаьатыахтара быйылгы уэрэх сылын 1 кылааьын уерэнээччилэрэ. (чуорааны иккилии буолан тыаьаталлар, ырыа тыаьыыр).
Кунду оскуолам миэнэ
Сайда тур, куруутун
Сылын аайы о5олор
Биьиэхэ уэрэнэ кэлэллэр.
Ким ууммут, ким урдээбит
Киьи буолбут уйабыт,-
Эдэркээн сааспытыттан
Эн этин оскуолабыт.
Эн чуораанын тыла мэлдьи
Чугдаарар мин кулгаахпар –
Оскуолабыт ынырар ити
Олохпут киэн аартыгар.
Манан торжественнай линейкаьыт тумуктэнэр. Бол5омто5ут иьин баьыыбаларын
«Алаадьы курдук сымнаҕас, күөрчэх курдук минньигэс» — Саха сирэ
Муус устар ый 9 күнүгэр «Ника» банкеттыыр саалатыгар «Айар Кут» хоһоонньуттар уонна кэпсээнньиттэр эрэгийиэннээҕи сойууһа «Төрөөбүт тыл умсулҕана» диэн тэрээһини ыытта.
Манна уран тыл умсулҕаныгар куустаран ойуу-бичик оһуору түһэрэр, мандар уус тылынан уһанан айар, суруйар дьоҕурдаах доҕоттор тоҕуоруһан аастылар. Тэрээһин хайдах ааспытын туһунан салайан ыыппыт дьонтон ыйыталастым, онуоха СӨ “За вклад в развитии народного художественного творчества” бэлиэ хаһаайына, хоһоонньут, кэпсээнньит, ырыа айааччы Сергей Афанасьевич Семенов-Сэгэй өрө көтөҕүллүбүт куолаһынан: «Наһаа үчүгэй! Эбиитин, дьэ, үлэлээтим эрэ диэн буолбакка, сынньанным. Астынным, олох чэпчэкитик барда. Барыта алаадьы курдук сымнаҕас, күөрчэх курдук минньигэс,» — диэн хардарда. Оттон иккис ыытааччы, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ “Гражданскай көҕүлээһинин туйгуна” Эльвира Семенова-Сэргэ кыыһа Тускулаана: «Барыта сценарий быһыытынан барда. Сценарийы педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ “За вклад в развитии народного художественного творчества” бэлиэ хаһаайына, Сунтаар улууһун Кэппэндээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, хоһоонньут Олимпиада Спиридонова суруйбута, мин бэчээттээн көмөлөспүтүм”, — диэтэ.
Маҥнайгы тылы «Айар Куту» төрүттээбит киһиэхэ, “Арассыыйа Сойууһун суруйааччыта” (РСП) чилиэнэ Валерий Иванович Никифоровка-Суор Уолугар биэрдилэр. Онуоха кини «элбэх тыл сымсах, аҕыйах тыл минньигэс» диэн өс хоһооно баарыныы: “Тэрээһин үчүгэйдик тэриллибит, инникитин да айа-тута сылдьаргытыгар баҕарабын. Барыгытыгар махтал”, — диэн кылгастык эттэ.
«Айар Кут» хайдах тэриллибитин билсиэҕиҥ
«Айар Кут» (хоһоонньуттар уонна кэпсээнньиттэр эрэгийиэннээҕи сойуустара) өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан айар куттаах дьону түмэн, 2018 сыллаахха муус устар ый 25 күнүгэр эрэгийиэннээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ буоларын туһунан сокуонунан бигэргэтиллибит туоһу суругу ылбыта. Бэрэссэдээтэлинэн бу сойуус тэриллэригэр турууласпыт, сыратын биэрбит Арассыыйа сойууһун суруйааччыта (РСП) Валерий Иванович Никифоров-Суор Уола талыллыбыта. Егор Гаврильевич Федоров-Долун өссө 2015 сыллаахха кулун тутар ый 24 күнүттэн «Айар Кут» диэн куйаар ситимин пуорумугар суруйар дьоҕурдаах дьону бэйэтин тула түмпүтэ. Кэлин айар, суруйар дьон элбээн, хас да бөлөх билигин бэйэтэ туһунан салайааччылаах үлэлии, айа-тута сылдьар.
«Айар Кут» сойуус билигин 30-тан тахса айар талааннаах, суруйар дьоҕурдаах дьону түмэн, бэйэтин кыаҕынан үлэлиир.
Долун: «2014 сылтан социальнай ситимнэринэн хоһооннор тарҕаммыттара. Ол кэмҥэ «Айар Кут» тэриллибитэ, онон «Айар кут», Данко курдук, кинилэри сырдыкка батыһыннаран таһаарбыта. «Айар Кут» аан бастаан тэриллиитигэр миигинниин Суор Уола, Индиана, Туску, Чэлгийээнэ, Нуурал бааллар этэ, онон ити дьон сырдык сүрэхтэр буолаллар. Докумуоммутун эккирэтиһэн-эккирэтиһэн, 2018 сыллаахха оҥорторбуппут. Онон 2015 сылтан саҕалаабыппыт эрээри, дьиҥнээхтик докумуонунан бигэргэтиллибит сылыттан биэс сыл буолла”, — диэн кэпсээтэ.
Валентина Саввина-Оһуордаах «Айар Кут» сойуус үлэлэриттэн билиһиннэрдэ:
«Бу тэрээһиммит билиҥҥи кэмҥэ ордук сытыырхайбыт кыһалҕабытыгар — төрөөбүт тылбыгар болҕомто уурарга, сүтэн симэлийэн хаалбатыгар аналлаах буолла.
Сойуус тэриллэригэр көмөлөспүт дьонтон биирдэстэрэ Индиана Васильевна Феофанова:
«Биэс сыллаах үбүлүөйгүтүнэн! Мин хоһоону 2016 сылтан суруйабын. 2018 сыллаахха «Айар Кукка” киирэрбэр бассаап бөлөҕө этэ. «Айар Кут» бастаан НКО буолбута, онно бастакы тэрийбиттэринэн Валерий Никифоров, Долун, Муттуххай Бороҥ, Кэнтик Кыыһа этибит. Онтон Суор Уола Муттуххай Бороҥнуун туруорсан «Айар Кут» сойуус тэриллибитэ. Ол саҕана үөрэ-көтө үлэлэһэн, хоһоонньуттары ыҥыран үлэлээбиппит. Билигин кэҥээн, улаатан дастабырыанньалары биэртэлээтигит, мантан инньэ өссө күүстээх үлэ барара буолуо. Бэйэм «Тыл сүмэтэ» диэн ситим нөҥүө 44 хоһоонньуттаахпын.
«Үрүҥ күнүм мичээрин
Өрүү дьоҥҥо бэлэхтиэм,
Күннүү сырдык сыдьаайы
Сүрэх аайы иҥэртиэм…», — диэн бэйэтин эҕэрдэтин тириэртэ.
Дьэ, кырдьык, Долун
уонна Индиана этэллэрин курдук, «Айар Кут» дастабырыанньатын илиибитигэр тутан, үрүҥ көмүс бэлиэтин түөспүтүгэр иилинэн сүрэхпитигэр сырдык сыдьаайы иҥэриннибит.Тэрээһиҥҥэ Суор Уола, Долун, Туску, Чэлгийээнэ өр сыллаах айымньылаах үлэлэрин иһин, куорат дьаһалтатыттан мэтээллээх Махтал сурук тутан, өрөгөй үөрүүнү биллилэр.
Тэрээһиммит биир түһүмэҕэр «Көттүннэр ырыам ымыылара» кэнсиэргэ ыллам ырыалар ылланнылар. Бу кэнсиэр уратылаах, уратыта диэн ылламмыт ырыалар «Айар Кут» хоһоон уонна кэпсээн суруйааччыларын эрэгийиэннээҕи сойууһун чилиэннэрин хоһоонноругар суруллубуттар.
Ол курдук, СӨ үтүөлээх артыыһа Саарын ийэтэ Талаана суруйбут хоһоонунан «Үрүмэччи маҥан ат» диэн саҥа ырыаны бэлэхтээтэ.
Татьяна Колесова-Айсура
Оһуордаах тылларыгар, Люция Бандерова- Айыллаана матыыбыгар «Сэгэрбэр» ырыаны дэгиттэр талааннаах хоһоонньут Валентина Саввина-Оһуордаах толoрдо.
Мин хоһооммор, СӨ култууратын туйгуна, Ырыа айааччылар сойуустарын чилиэнэ Константин Мохначевскай матыыбыгар уонна толоруутугар «Хаар үҥкүүтэ» ырыабытынан, Костя Санааралыын муус маҥан роза чэчик дьөрбөлөөх тиийэн кэлэҥҥит, эҕэрдэлээҥҥит үөрүүбүн үрдэттигит, доҕотторбор истиҥник махтанабын.
Вера Санникова-Мичийээнэ тылларыгар, «Долгун тааһы чочуйар» ырыаны элбэх ырыа мелодиһа, СӨ ырыа айааччыларын, хоһоонньуттарын Сойууһун чилиэнэ Елена Ильина Намчы бэйэтин матыыбыгар ыллаата.
Сэргэ Кыыһа Тускулаана тылларыгар, Станислав Луковцев матыыбыгар «Саҥа күн» ырыаны хоһоонньут, уопсастыбанньык, кэлэксийэниэр, эрчимнээх, үтүө суобастаах үлэһит Эльвира Семенова- Сэргэ Кыыһа Тускулаана ыллаата.
Хоһоонньут, мелодист Зоя Данилова-Кэкэрдэ түөһүн иһиттэн эҥсэн тахсан үөһээ-үөһэ лыҥкыныы кутуллар куолаһынан “Үрүҥ түүн” диэн бэйэтин тылларыгар уонна матыыбыгар ырыатын толордо. Онтон да атын ырыаһыттар толорбут ырыалара сүргэбитин көтөхтө.
Тэрээһиҥҥэ киирии билиэттэринэн сүүйүүлээх оонньотууну Сэгэйэ ыытта. Оонньотуу бириистэрэ ааптардартан кинигэлэрэ этэ, онно эбии Саарын Алтай хомуһун аҕалбыта дьон көҕүн үрдэттэ уонна «Кэрэ эйгэ» түмсүүттэн ыалдьыкка Мария Поскачинаҕа тигистэ.
«Кинигэ эн долбуургар» диэн ааптардар быыстапкалара үлэлээтэ.
Саха ыала ыалдьытымсаҕын курдук, «Төрөөбүт тыл умсулҕана» тэрээһиммитигэр суруйааччылар Татьяна Винокурова-Сабыйа, Уххан, Борис Попов уонна литературнай түмсүүлэр эмиэ ыалдьыттаатылар.
Суруйуубун Долун этиитинэн түмүктүөхпүн баҕарабын:
«Литературнай түмсүүлэр, суруйааччылар биһигинниин бииргэ буолан кэлэн олороллор. Саха тыла салгыы сайыннын, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр үчүгэй бигэ тирэҕи хааллардыбыт диэн биһиги үөрэбит. «Айар Кут» өссө да үлэлии-хамсыы турдун». Долун этиитэ туола турдун, айар дьоҕурбут дьолу-соргуну тосхойдун!
«Айар кут»
Араас сиртэн мустаммыт
«Айар куттуун» бииргэбит
Айар куппут алтыһар,
Алгыс кынат иилинэр.
Ийэ тылы иэйиилээн,
Итии тыыны иҥэрэн
Сэһэн, кэпсээн дэлэгэй,
Сэргэх хоһоон хомоҕой.
Ыллам чаҕаан ырыаҕа
Ыччат дьону ыллыахпыт,
Добун дорҕоон тойукка
Дьоһун олох туойуохпут.